Азия оҕолорун оонньууларыгар баскетбол көрүҥэр күрэхтэһиилэр түмүктэннилэр
Главное
-
21 ноября в 14:56В Якутии отмечается рост заболеваемости ОРВИ и коронавирусной инфекции
-
21 ноября в 14:25Праздничное настроение. Новогодние ёлки установлены на главных площадях Якутска
-
21 ноября в 13:57В Якутске продолжается строительство смарт-поликлиники
-
21 ноября в 13:27Жители Усть-Майского района стали чаще замечать медведей-шатунов возле населенных пунктов
Үһүс миэстэ иһин баскетбол көрүҥэр бастакынан очкону Казахстан хамаандата сурунар. Боруонса мэтээл иһин Саха сирин хамаандатын кытары оонньууллар. Уһун тыҥааһыннаах киирсии түмүгэр Казахстан хамаандата кыайыыны ситистэ.
Амалия Богатырёва, Казахстан сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ: «За нас много болели, мы не сдавались, играли до конца, до победного свистка. Мы очень были мотивированы. Мы приехали сюда за победой».
Сүрүн тыҥааһыннаах киирсии Уральскай федеральнай уокурук уонна Таиланд хамаандаларын икки ардыгар буолла. Манна кыттааччылар эрэ буолбакка, ыалдьааччылар эмиэ өрө күүрэн олордулар.
Онтон бу Таиланд хамаандатыгар ыалдьа олорор эр киһи - төрөппүт. Кини оҕото Таиланд судаарыстыбатын сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн бастакы улахан күрэхтэһиитэ. Онон оҕотун арыаллаан күүс-көмө, өйөбүл буола сылдьар.
Титиват Джинарухпон, төрөппүт: «Мин оҕобун хас күрэхтэһии ахсын арыаллыыбын. Мин бэйэм эдэр сылдьан Таиланд харбыыһыттарын сүүмэрдэммит хамаандатыгар баарым. Арассыыйаҕа аан бастакыбын кэллим. Сүрдээх үчүгэй, эйэҕэс дьоннордоох сир эбит. Саха сирэ итиитэ-куйааһа ынырык эбит. Оҕолорбут бэйэлэрин көрүҥнэригэр үчүгэйдик киирсэ сатаатылар дии саныыбын».
Ол эрэн Таиланд хамаандата Урааллартан кыл-мүччү аҕыйах очкуоннан хаалан 4-с миэстэ буоллулар. Тыҥааһыннаах киирсиини көрдөрөн, көрөөччү тапталын ыллылар.
Көрөөччүлэр ыһыытаан-хаһыытан хас биирдии хамаанданы өйүүллэр, баскетбол көрүҥүн сэҥээрээччи, сөбүлээччи элбэҕэ көстөр. Күрэхтэһиини бары биир тыынынан олорон көрдүлэр.
Күрэхтэһии саҥаттан саҥа спорт сулустарын таһаартыыра, оҕолорго спорт эйгэтигэр үктэнэллэригэр төһүү күүс буоларын биир холобура - Урал бэдэрээлинэй уокурук тренерэ буолар. Кини оҕолоро үһүс бочуоттаах миэстэни ыллылар.
Данил Пауков, Уральскай федеральнай уокурук тренерэ: «Атмосфера прекрасная. Я сам тут был 8 лет назад как игрок на VI Играх. Ностальгирую, очень приятно. Спасибо за игры».
Күрэхтэһии үрдүк күүрүүлээхтик, тыҥааһыннаахтык ааста. Кыргыттар уонна уолаттар икки бөлөҕүнэн арахсан күрэхтэстилэр. Икки бөлөххө иккиэннэригэр Белоруссия сүүмэрдэммит хамаандалара кыайан, кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадалыннылар.