Тыа сирин кыһалҕаларын кэлимник дьүүллэһэр пуорум ыытылла турар

98

Тыа сирэ - омук дьылҕата диэн Форумҥа Дьокуускайтан, улуустартан, нэһилиэктэртэн барыта 200-тэн тахса киһи кэлэн кытта сылдьар. Сүрүн болҕомто - тыа сиригэр баар сытыы кыһалҕалары уопсайа сүбэнэн быһаарыы суолларын тобулууга ананна.

Валерий Ефремов, форуму тэрийэр бөлөх салайааччыта: «Тыа сирин нэһилиэнньэ оҥорон таһаарыыта кыччаан эрэр. Бары түмсэн бу балаһыанньаттан тахсыахпытын наада».

Ол курдук тыаҕа олох таһымын, усулуобуйатын тупсарыы, олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы,  дьон-сэргэ өйө-санаата, нэһилиэк тутула курдук боппуруостары секцияларга арахсар ырыттылар. Чурапчы улууһуттан кэлбит Екатерина Ермолаева 50 сыл устата үөрэҕирии эйгэтигэр үлэлээбит, бэйэтэ кэтэх хаһаайыстыба ииттинэн кэлбит киһи хас бирдии нэһилиэккэ тирэх сүбэ диэн тэриллэн наада диэн тус санаалаах.

Екатерина Ермолаева, Чурапчы улууһун олохтооҕо: «Бырабыытылыстыба уонна Ил Дархан сүрдээҕин көмө буолаллар. Ол таһынан биһиги боростуой норуот бэйэбит өттүбүтүттэн хамсааһын саҕалыахтаахпыт. Хас биирдии нэһилиэккэ тирэх сүбэ тэриллиэн наада».

Ол курдук тирэх сүбэ чуолаан ыччакка сүөһү иитиитигэр да буоллун, олох хайа баҕарар эйгэтигэр да буолуун ыйан-кэрдэн, сүбэ-ама буолуо этэ диэн эрэллээх. Маннык пуорумҥа кэлбит дьон бэйэтин көрүүтүн, санаатан, этиитин үүлэстэр кыахтанна.

Николай Кириллин, Ытык Сүбэ чилиэнэ: «Барыта кэлим буоллаҕа. Саха тыла, үөрэхтээһин, дьон олохсуйуута, үлэ миэстээтэ, тахсыыта, оҥорон таһаарыы барыта биир кэлим. Омук быһыытынан биһи бары тыа сириттэн төрүттээхпит диэн бары билэбит».

Мунньахха тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр көмө ньмыаларыгар ситэтэ суох өрүттэри дьүүллэстилэр, дьону-сэргэни, ордук оҕо ыччат өттүн иитии үлэтэ, ыал элбииригэр, миэстэтигэр эти, үүтү астааһыны сайыннарыы боппуруостарын дьүүллэстилэр.

Ульяна Винокурова, социология билимин доктора, профессор: «Арассыыйаҕа кэлим сайдыы сүрүн суолунан “Пространственное развитие” диэн улахан суолталаах хайысханы оҥорон эрэллэр. Онно биһи сүрүн этиибитин киллэриэх тустаахпыт».

Этиллибитин курдук, киирбит этии барыта чочуллан программа быһыытынын таҥыллан дойду уопсай сайдыытын оҥкулугар хапсыһан үлэ кэнэҕискитин салалларыгар туһуланыаҕа