Саха сиригэр дойду таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ биллэрилиннэ
Главное
-
27 ноября в 15:01В Якутске организована бесплатная установка пожарных извещателей в домах и квартирах многодетных семей
-
27 ноября в 14:31"Языковое гнездо". В Олёкминском районе дети изучают эвенкийский язык
-
27 ноября в 14:15В Якутии принят закон о снижении ставок УСН для поддержки малого и среднего бизнеса
-
27 ноября в 14:00Жительница Якутии вышла в финал Всероссийского музыкального проекта "Голоса Героев"
Саха сирин бүттүүнүгэр куйаас күннэр сатыылааннар ойуур баһаарын умуруоруу уустугурар. Баһаарынайдар этэллэринэн күннэтэ халлаан итийэр, онон түүнүн тымныйбат, сиик түспэт. Ол да үрдүнэн быһааччылар Томпо улууһугар Хандыга уонна Теплый Ключ бөһүөлэгин икки арыдар баар биир улахан баһаары төгүрүттүлэр. Бу уот 112 тыһыынчаттан тахса га иэннээх. Маны сэргэ, күүстээх хонтуруолга Өлүөхүмэ, Таатта, Нерюнгри, Уус-Майа улуустара сылдьаллар. Манна аҕыс сиргэ уот нэһилиэктэн 20 килэмитиртэн бэттэх баар. Тааттаҕа 2 тыһыынчаттан тахса иэннээх сиргэ уоту утары охсуһуу ааспыт ый ортотуттан барар.
Руслан Захаров, Таатта улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта: «Булун нэһилиэгиттэн 18км, Алдан өрүс нөҥүө буола турар. Этиҥнээх ардахтан саҕаламмыт. Баһаары умулларар салайааччынан Томпотооҕу авиаотделение инструктора Тимофеев Семен Иванович анаммыта. Билиҥҥи туругунан баһаар болуоссата – 2130га, онтон 2000га - “лесной”, 130га - “не лесной”. Нэһилиэнньэҕэ куттал суох. Баһаарга үлэлии сылдьаллар уопсайа: 127 киһи уонна 9 тиэхиньикэ. Бэс ыйын 28 күнүгэр Бе-200 кэлэн үлэлээбитэ, кини 132м3 уу куппута. Билигин былаан быһыытынан утары уот ыытыыта үлэ бара турар уонна манааһын үлэтэ барар»
Күн бүгүн баһаарынайдар Халыма улуустарын уот билиэниттэн олоччу босхолоон төнүннүлэр. Ойуур баһаарын сүрүн төрүөтэ - кураанах этиҥ. Саас дьон дьалаҕайыттан күөх тыа умайар эбит буоллаҕына билигин 90 тахса бырыһыанын айылҕа бэйэтэ оҥорор. Маныаха ардаҕы ыҥырар сөмөлүөттэр улахан күүс буолаллар. Бу күннэргэ Бүлүү бөлөх улуустарыгар былыттаах буолан онно үлэлээтилэр. Күн бүгүн Саха сиригэр уопсайа 107 сиргэ баһаар баар.
Николай Никитин, СӨ ойуур харыстабылын уонна чөлүгэр түһэрии департаменын салайааччы: «Билигин 36 баһаары умуллара сылдьабыт 18 улууска. 172 тыһ. га кэриҥэ иэннээх сиргэ. Онтон 11 баһаара 116 тыһ. га сиргэ локализованнай. Хонтуруолга 8 нэһилиэнньэттэн тэйиччи тахсыбыт баһаардар тураллар».
Уопсайа уоту утары 1431 киһи үлэлии сылдьар. Уоту бохсууга биир көдьүүстээх ньыма - минбалаһа. Маны баһаарынайдар тиэхиньикэ киирбэт сиригэр илиилэринэн хаһаллар. Охтубут маһы ыраастыыллар.
Дмитрий Смирнов, "Авиалесоохрана" баһаарынай -десантнига: «Обрабатываем русло ручья, основная проблема это – поваленные сухие деревья и приходится много пилить. Если не пилить, то пожар по этим деревьям перейдет на ту сторону реки и возобновится новый пожар».
Тыаллаах-күүстээх күннэргэ уот тарҕаныытын хайа эмэ тохтотууга бары көрүҥ туһаныллар. Ол курдук сиринэн умуруорааччыларга күттүөннээх көмөнү салгынтан оҥоһуллар. Оттон баһаарынайдар биир сиргэ уоту төгүрттүлэр эрэ атынтан атын сиргэ бөртөлүөтүнэн көһөн иһэллэр. Билигин да умуоруллар сир үгүс. Күннэтэ саҥаттан саҥа баһаар тахса турар.