Дьокуускайга "Маастардар куораттара" диэн бэстибээл ыытылла турар
Главное
-
28 ноября в 00:35Прогноз погоды в Якутске на 28 ноября
-
27 ноября в 15:01В Якутске организована бесплатная установка пожарных извещателей в домах и квартирах многодетных семей
-
27 ноября в 14:31"Языковое гнездо". В Олёкминском районе дети изучают эвенкийский язык
-
27 ноября в 14:15В Якутии принят закон о снижении ставок УСН для поддержки малого и среднего бизнеса
Эргэ куоракка кырыымпа тыаһа ньиргийэр. Кэлбит ыалдьыттары ырыанан-тойугунан алгыстыы көрсөллөр. Төһө да куйаас күн турдар, Өрөспүүбүлүкэ ыраах улуустарыттан норуот маастардара дьоҥҥо-сэргэҕэ маастар-кылаас ыытан, саха төрүт дьарыгар такайаллар. Абый улууһуттан кэлэ сылдьар норуот маастара Татьяна Макарова ситии быатын хатарга баҕалаахтары бэйэтин тула муста. Маннык дьарыкка сүрүн тугун табыахха наадатын кэпсээтэ.
Татьяна Макарова, Абый улууһун олохтооҕо: «Маннык эрийэри көрдөрөбүн. Кэлин дьоҥҥо наада буолуо диэммин».
Бэстибээлгэ биир интэриэһинэй миэстэни туойтан иһити оҥоруу буолла. Бу дьарыкка сүрүнэ диэн куруук таптайа олоруохтааххын. Төһөнөн үчүгэйдик таптайаҕын да, соччонон туойун тутарга-хабарга ордук буолар.
Намсыыр туойуттан буруолатар, алгыска туттуллар иһити аҕыйах мүнүүтэнэн быһыытын таһааран бэлэм оҥордулар.
Дмитрий Колодезников, СӨ норуот маастара: «Буруолатар иһит. Дьоннор бэйэлэрин талбыттарынан оҥороллор. Маны дьиэҕин-уоккун ыраастанаргар туттаҕын».
"Үктэл" саха иистээньэҥнэрин устуудьайата бэйэтин оҥоһуктарын быыстапкаҕа туруорда. Араас дьэрэкээн оһуордаах ат симэҕиттэн саҕалаан, дьахтар күннээҕи олоххо кэтэригэр аналлаах суумка, саҕах арааһа. Бу устуудьуйа тэриллибитэ номнуо 8 сыл ааһан, билигин норуокка биллэр маастардары иитэн таһаарар.
Анна Павлова, СӨ норуот маастара: «Устуудьуйабыт кэҥээтэ. 70 курдук киһи буолла. Ситиһиилэрбит куһаҕана суох. Норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарга кыттабыт».
50 бастыҥ маастардары түмпүт бэстибээл буола турар "Азия оҕолоро" оонньуу чэрчитинэн куруук ыытыллар, онон кэлбит ыалдьыттар дойдуларыгар бэлэх оҥостон баралларыгар табыгастаах кэмҥэ түбэһэн олохтоохтор үөрүүлэрэ үгүс.
Яна Игнатьева, “Симэх” норуот уус-уран айымньытын дьиэтин салайааччыта: «Кыттааччыларга анаан улахан быыстапка тэрийдибит. Саха норуотун уус-уран айымньытын араас көрүҥүн барытын туруорабыт».
Маастардар бэлиэтииллэринэн, оҥоһуктарын атыыга сылга биирдэ-иккитэ улахан дьаарбаҥкаларынан эрэ таһаараллар, онон илии сылааһыгар чочуйуллан тахсыбыт сахалыы таҥаһы-сабы уонна да атыны кэлэн ылыахха сөп.