Азия оҕолоро оонньууларыгар греко-римскэй тустуу ыытылынна

89

Хас биирдии хапсыһыы тыҥааһына олус күүстээх. Спортсменнар көбүөргэ кыайыы эрэ туһугар тахсаллара харахха тутатына быраҕыллар. Ыалдьааччылар ыһыылара-хаһыылара кыттааччылары кымньыылаан биэрэргэ дылы буолар.

Тренэрдэр бэйэлэрэ кыттыыны ыла сылдьар курдук долгуйаллар, хас кыайыы, хотторуу ахсын тэҥҥэ үөрүүлэрин, хомолтолорун үллэстэллэр. Кыргызстан хомуур хамаандатын сүрүн тренэрэ төһө бэлэмнээх кэлбиттэрин кэпсээтэ, кыайыы көтөллөөх дойдубутугар эргиллэр сыаллаахпыт диэн сэһэргээтэ.

Айбек Бердалиев, Кыргызcтан хомуур хамаандатын сүрүн тренэрэ: «Подготовка была на хорошем уровне. Спортсмены настроены на победу».

Амматтан төрүттээх Мичил Егоров 33 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа 8 киһини кытта күөн көрсөн боруонса мэтээли түөһүгэр иилиннэ. Тиһэх киирсиитигэр биир дойдулааҕын кытта Давид Поповтуун кииристэ, ахсаанынан баһыйан кыайыы минньигэс амтанын биллэ.

Мичил Егоров, Саха сирин хомуур хамаандатын спортсмена: «Омуктар күүстээх эбиттэр эрээри киирсиэххэ сөп эбит. Туох баарынан кыһаллабын дьарыктанарбар. Олимпиадаҕа кыттыахпын баҕарабын».

Мичил уонна Давид Амма улууһугар иккиэн биир тренэргэ иитиллэллэр. Тренэрдэрэ оҕолор күүстээх дьарыгы аастылар диэн сэһэргээтэ уонна ханна сбордана сылдьыбыттарын кэпсээтэ.

Афанасий Адамов, Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын тренэрэ: «Дьарык соҕуруу куораттарынан буолбута. Кыһыны быһа үлэлээтилэр. Кэлэн иһэн Хабаровскайга үлэлээбиттэрэ».

Көрөөччүлэр спортсменнар киирсэллэрин көрөн сөҕүүлэрэ-махтайыылара үгүс. Күүстээх дьарык ааспыта көстөр, бары даҕаны дойдулар спортсменнара ох курдук бэлэмнэр эбит диэн сэһэргээтилэр.

Ыалдьыттар күрэх үрдүк таһымын бэлиэтээтилэр, тэрийээччилэргэ махталлара муҥура суох. Халлаан туруга, Саха сирин килиимэтэ даҕаны үөрдэр диэн санааларын үллэһиннилэр.

Санжар Сталбеков, Кыргызстан хомуур хамаандатын спортсмена: «В Якутии белые ночи, мне это понравилось. Город маленький, очень тихо. Я думал тут холодно, оказывается очень жарко».

Греко-римскэй тустуу көрүҥ күрэҕин маҥнайгы күнүгэр уопсайа 7 дойду 100-тэн тахса спортсмена кииристэ. Салгыы даҕаны Азия оҕолоро ыалдьыттарга, Саха сирин олохтоохторугар элбэх умнуллубат түгэни бэлэхтиэҕэ диэн бары долгуйа күүтэллэр.