Туймаада ыһыаҕар Ил Дархан бирииһигэр ат сүүрдүүтэ буолла

113

Старт бэриллэн аттар түстүлэр. Бур-бур буору бурҕатан, Туймаада ыһыаҕын сүрүн тэрээһинэ Тыыннаахап аатынан стадиоҥҥа өрө ньиргийэн олорор. Хас биирдии көрөөччү ыһыытаан-хаһыытаан, сүүрүүнү биир тыынынан көрөр.

Бастакынан кыайыы өрөгөйүн 1000 миэтирэҕэ саҥа саҕалааччы сүүрүк аттарга, 2 саастарыттан үөһэ, ыраас хааннаах сүүрүк аттарга Чурапчы улууһун сүүрүк ата, тиҥэһэтэ Арчылаан ылла. Кини бу манна аан бастакытын сүүрэн, бастакы улахан кыайыытын сурунна.

Юрий Посельскай, Чурапчы улууһун ат сүүрдүүтүн федерациятын бэрэссэдээтэлэ: «Үөрэн бөҕө буоллаҕа. Быйылгыттан сүүрэ сылдьар, бастакы улахан бирииһэ буолар. Инники кэскиллээх тыйбыт буолар».

Уопсайа күрэхтэһиигэ үгэс курдук 5 сүүрүү буолла. Быйылгы уратыта хас биирдии кыттааччыга допины бэрэбиэркэлиир анал анализ киирбитэ буолар, итиэннэ Тыыннаахап аатынан ипподром сыллата саҥардыллан, тупсан иһэрэ харахха быраҕыллар. Кыайыы өрөгөйүн, хотторуу хомолтотун бу күн хас биирдии киһи биллэ.

Сүрүн сүүрүү 2400 миэтирэҕэ Ил Дархан бирииһигэр буолла. Бу манна Дьокуускай куорат уопуттаах сүүрүк ата - Йортен 2 мүнүүтэ 47 сөкүүндэ иһигэр сүүрэн кыайыы өрөгөйүн биллэ. Кыайыылаахха сүрүн бириис - 2,5 мөлүйүөн уу харчыннан.

Фёдор Охлопков, Йортан хаһаайына: «Ынырыктык үөрдүбүт. Кыайыыга эрэллээх этибит. Бу саастан быһа эрчиллэммит улахан кыайыыны ситистибит. Сүүрдээччигэ уонна тренербитигэр улахан махтал».

Онтон иккис миэстэҕэ эмиэ сүүрүүлэргэ хаһыс да төгүлүн кыттар уопуттаах ат Байсар Барс уонна үһүс миэстэни Лансье ылары ситистилэр. Ыһыаҕы түмүктүүр улахан сүүрүү түмүгэ барыларын да соһутта.

Айсен Николаев, СӨ Ил Дархана: «Субу курдук түмүк буолуо диэн сэрэйбэтэҕим. Дьокуускай куораттан сүүрэр сылгы туймаада ыһыаҕар чаҕылхайдык кыайбыта бэлиэ буолар».

Быйылгы ат сүүрдүүтүн улахан бирииһэ онньонно, ат спордунан дьарыктанар дьон 20-с үбүлүөйдээх Ил Дархан бирииһигэр уопсайа 6 мөлүйүөнтэн тахса сууммалаах бириис иһин кииристилэр. Мантан сайын өссө хас да сүүрүү буолара күүтүллэр.