Дьокуускайга норуоттар икки ардыларынааҕы "Книжный ветер" быыстапка ыытылынна

102

"Книжный ветер" норуоттар икки ардыларынааҕы кинигэ кыһаларын быыстапка-дьаарбаҥкалара аан бастакытын тэриллэр. Орджоникидзе болуоссатыгар икки күн устата киэҥ бырагырааманан үлэ барда. Манна Саха сирин бэчээтин тэрилтэлэрэ кытыннылар. Олор истэригэр "Кэскил" оҕо литературатын кыһата бэйэтин таһаарыыларын көрдөрөр.

Жанна Леонтьева, "Кэскил" оҕо таһаарыытын редактора: «Ааҕы оҕо саастан саҕаланар. Ол иһин биһи бу норуоттар икки ардыларынааҕы “Книжный ветер” бэстибээлгэ кыттарбыт сүрдээх бэлиэ. Тоҕо диэтэргэ Уһук-Илин уокуругар маннык оҕо аналлаах бэчээт суох. Биһи соҕотох оҕоҕо аналлаах издательство буолабыт».

Быыстапка-дьаарбаҥкаҕа Дьокуускайтан 4, Москва, Санкт-Петербург куораттартан 6 издательство кытынна. Кинилэр бэйэлэрин бородууксуйаларын атыыга таһаардылар.

Мария Хайдалова, Залог библиотекатын сэбиэдиссэйэ: «Үчүгэй кинигэ кыһалара кэлэн кыттаары сылдьаллар. Мин санаабар, дьоннор кэлэн аахтахтарына, көрдөхтөрүнэ биһи библиотекалар билэбит буоллаҕа. Маннык кинигэлэр биһи куораппытыгар суох курдуктар, саҥа кинигэлэр. Кэлэн көрүҥ, истиҥ, бэйэҕитигэр элбэҕи билиэххит».

Тэрээһин 2 хайысханан ыытыллар, бу аһаҕас чааска кыһалар кинигэлэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһинэрэллэр. Оттон профессиональнай чааһа Смарт-библиотекаҕа буолла.

Ксения Кисилёва, Москватааҕы кинигэ кыһатын бэрэстэбиитэлэ: «Прислали приглашение, мы с удовольствием приехали. Мы никогда не были в Якутске. У нас небольшое издательство и для нас было важно посмотреть насколько наши книги могут заинтересовать читателей из Якутии. Как выяснилось, очень даже могут, очень большой спрос».

Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕиттэн кэлэ сылдьар Ангелина Захарова уһуйааҥҥа бүтүн 46 сыл устата үлэлээн кэллэ, билигин даҕаны айа-тута сылдьар. Ангелина Николаевна бэйэтэ оҕо суруйааччыта, кырачааннарга намматы хас да кинигэлээх. Дьаарбҥкаҕа саҥа айымньыларын аҕалбыт.

Ангелина Захарова-Уһуйаана, оҕо суруйааччыта, уһуйаан иитээччитэ: «Кинигэм быйыл үс тылынан таҕыста. Бу быйыл саас тахсыбыт кинигэ. Манна сахалыы, нууччалыы уонна английскайдыы тылынан биир кинигэҕэ суруллубут, оҕо сайдарыгар диэн».

Тэрээһин сүрүн сыала-соруга эдэр автордары өйөөһүн, итиэннэ оҕо, ыччат литературатын киэҥ эйгэҕэ таһаарыы буолар.

Мария Андросова, Дьокуускай олохтооҕо: «Кинигэ арааһа элбэх, оҕолорго наһаа үчүгэй кинигэлэр баар буолбуттар».

Манна библиотекалар интеллектуальнай, остуол оонньууларын, викториналары, маастар-кылаастары  ыыттылар.

Нарыйа Протодьяконова, "Книга 03" библиотека үлэһитэ: «Бүгүн бэстибээлгэ маастар-кылаас ыытабыт. Кинигэ кыбытыытын оригами тиэхиникэтинэн оҥоробут. Оҕолор уонна улахаттар кэлэллэр. Уонна оҥоһуктарын дьиэлэригэр илдьэ бараллар».

Дьаарбаҥка быйылгы Оҕо саас сылыгар ананна. Бу кинигэни таптааччылар көрсүһүүлэрэ. Оҕону кыратыттан ааҕыыга, кинигэҕэ сыһыарыы улахан суолталаах. Кинигэ баар - бараммат баай.