Саха сиригэр бастакы мэтээл самбоҕа кэллэ
Главное
-
28 ноября в 00:57График отключения электроэнергии и водоснабжения в Якутске на 28 ноября
-
28 ноября в 00:35Прогноз погоды в Якутске на 28 ноября
-
27 ноября в 15:01В Якутске организована бесплатная установка пожарных извещателей в домах и квартирах многодетных семей
-
27 ноября в 14:31"Языковое гнездо". В Олёкминском районе дети изучают эвенкийский язык
«Өрөгөй» спорт комплекс ыалдьааччылар хаһыыларынан-ыһыыларынан туолан турар. Араас дойду спортсменнара чаҕылхай бырахсыылары, кыраһыабай албастары көрдөрөллөр. Самбо көрүҥэр тыҥааһыннаах киирсиилэр өрөгөйдөөн тураллар.
Тренэрдэр бэйэлэрэ кыттыыны ыла сылдьар курдук долгуйаллар, хас кыайыы, хотторуу ахсын тэҥҥэ үөрүүлэрин, хомолтолорун үллэстэллэр. Узбекистан самбо сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренэрэ төһө бэлэмнээх кэлбиттэрин кэпсээтэ, кыайыы көтөллөөх дойдубутугар эргиллэр сыаллаахпыт диэн сэһэргээтэ.
Шавкат Жураев, Узбекистан самбо хомуур хамаандатын сүрүн тренэрэ: «Үгүс кыайыыны ситиһэр сыалтан күүстээх састаабынан кэллибит. Былааннаабыт түмүкпүтүн ситиһиэхпит дии саныыбын».
Саха спортсменнара чыпчааллары дабайдылар. Ол курдук маҥнайгы кайыыны Анастасия Шевченко 47 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа 8 киһини кытта күөн көрсөн боруонса мэтээли түөһүгэр иилиннэ. Спортсмен маҥнайгы үөрүүтүн үллэһиннэ.
Анастасия Шевченко, Саха сирин самбо хомуур хамаандатын спортсмена: «Хамаандабын, тренербын түһэн биэриэм диэн олус долгуйбутум. Бүтэһик киирсиибэр охтубат гына күүскэ атахпар туруохтаапын диэн долгуйбутум. Хамаандабар мэтээл аҕаллым диэн үөрүү киирэ илик, долгуйбутум ааһа илик буолан».
Киирсии кэмигэр ыалдьааччы хаһыыта кыттааччыны кынаттыыра, санаатын бөҕөргөтөрө чахчы. Онон куолай төһө кыайарынан көрөөччүлэр спортсменнары уруйдууллар.
«Номнуо финал киирсиилэрэ саҕаланнылар. Мин кэннибэр көбүөргэ Узбекистан уонна Арассыыйа спортсменнара көрүстүлэр. “Өрөгөй” спорт уораҕайа ыһыынан-хаһыынан туолан турар», - диэн корреспондент күрэхтэһии миэстэтиттэн кэпсиир.
Көрөөччүлэр Саха сирин спорсменнара киирсэллэрин көрөн сөҕүүлэрэ-махтайыылара үгүс. Күүстээх дьарык ааспыта көстөр, бары даҕаны дойдулар спортсменнара ох курдук бэлэмнэр эбит диэн сэһэргээтилэр.
Казахстан спортсмена күрэххэ кыайыы өрөгөйүн биллэ, дойдутун чиэһин көмүскээн Абиш Пердалы дьолун кыраайа көстүбэт. Эдэр спортсмен Биир дойдулаахтарыгар алгыс тылын анаата.
Абиш Пердалы, Казахстан самбо хомуур хамаандатын спортсмена: «Кыһыл көмүс мэтээли ылан үөрүүм үгүс. Казахстан хомуур хамаандатыттан маҥнайгы кыайыы буолан бэйэбинэн киэн туттабын. Биир дойдулаахтарбар бу оонньууларга үгүс ситиһиини баҕарабын».
Ыалдьыттар күрэх үрдүк таһымын бэлиэтээтилэр, тэрийээччилэргэ махталлара муҥура суох. Халлаан туруга, Саха сирин климата даҕаны үөрдэр диэн санааларын үллэһиннилэр.
Шавкат Жураев, Узбекистан самбо хомуур хамаандатын сүрүн тренэрэ: «Буоларын курдук үрдүк таһымнаахтык көрүстүлэр. Күрэхтэһиилэргэ, олорор сирбитигэр табыгастаах усулуобуйа олохтоммут. Тымныы буолуо дии санаабыппыт биһиги дойдубутугар курдук күн-дьыл турар эбит».
Самбо күрэҕин маҥнайгы күнүгэр уопсайа 7 дойду 100-тэн тахса спортсмена кииристэ. Салгыы даҕаны «Азия оҕолоро» ыалдьыттарга, Саха сирин олохтоохторугар элбэх умнуллубат түгэни бэлэхтиэҕэ диэн бары долгуйа күүтэллэр.