Саахымакка уонна тенниска күрэхтэһиилэр биир бастакынан саҕаланнылар
Главное
-
28 ноября в 00:57График отключения электроэнергии и водоснабжения в Якутске на 28 ноября
-
28 ноября в 00:35Прогноз погоды в Якутске на 28 ноября
-
27 ноября в 15:01В Якутске организована бесплатная установка пожарных извещателей в домах и квартирах многодетных семей
-
27 ноября в 14:31"Языковое гнездо". В Олёкминском районе дети изучают эвенкийский язык
Киһи сүрэҕин тэбиитэ иһиллэр чуумпута. Бу маннык тыаһа-ууһа, айдаана суох сиргэ олорон өй-мэйии күрэҕэ. Саахымакка уопсайа 34 кыттааччы бастыыр иһин киирсэр. 19 уол уонна 15 кыыс. 7 тас дойду уонна 5 Арассыыйа регионнарын хамаандалара. Биир бастакынан Казахстан сүүмэрдэммит хамаандатын кыттааччылара бастакы түһүмэхтэрин түмүктээн, сынньалаҥҥа тахсаллар.
Айару Алтынбек, Казахстан сүүмэрдэммит хамаандатын шахматиһа:
«Бастакы тууру ситиһиилээхтик түмүктээтим. Дьүөгэбин кытары оонньообут буоламмын күүскэ долгуйбатым. Сарсын иккис туурга эмиэ кыайыам диэн эрэнэбин. Саха сирэ сүрдээх ыраас, эйэҕэс дьоннордоох сир эбит. Миэхэ манна кэлэрбэр тымныы дойду диэн кэпсээбиттэрэ. Ол эрэн манна олох күүстээх өҥүрүк куйаас күннэр тураллар. Оонньууттан мэтээллээх да барбатахпына, күүстээх уопуттаах, өйдүү-саныы сылдьарга умнуллубат түгэннэри «Азия оҕолорун» оонньуулара бэлэхтиэхтэрэ диэн эрэнэбин».
Саахымат 9 күн устата 9 туурунан Швейцарскай ньыманан ыытыллыаҕа. Оонньуу ыытыллар сиригэр сүрүн ирдэбил - чуумпу уонна салгыннаах сир. ХИФУ Атриума бу манна сөрү-сөпкө түбэһэн, кыттааччылар туохха да мэһэйдэппэкэ хас эмэ чаас биир сиргэ олорон киирсэллэр. «Азия оҕолоругар» анаан-минээн 4 аан дойду таһымнаах спорт маастардара уонна 5 спорт кандидааттара кэлбиттэр. Онон күрэхтэһии таһыма өссө бүк үрдүүр.
Гаврил Винокуров, "Азия оҕолорун" оонньууларын шахмат күрэхтэһиитигэр судьуйа: «Хас биирдии оонньооччуга 90 мүнүүтэ бэриллэр. Хас хаамыы аайы 30 сөкүүндэ эбиллэн иһэр. Оонньуу 4-5 чаас ааһыаҕа. Ол аата биир тур. Салгыы кыайбыттар бэйэ бэйэлэрин кытта киирсиэхтэрэ. Оттон кыайтарбыттар тэҥ очукуолаахтары кытта аттарыллар оонньуохтара».
Оттон теннис син арыый да тыастаах-уустаах, кыра да буоллар хаһыылаах оонньуу. Манна уопсайа 14 хамаанда кыттар. 8 тас дойду уонна 6 Арассыыйа регионнарын хамаандалара. «Сулус» спортивнай комплекс хаҥкылыыр сирин остуол тенниһын оонньуур сир оҥостон, тэҥинэн хас да хамаанда киирсэр.
Александр Александров, "Азия оҕолорун" оонньууларын теннис күрэхтэһиитигэр сүрүн судьуйа: «Остуол тенниһа уопсайа 5 күн салҕаныаҕа. Уопсайа барыта 14 хамаанда бастыыр иһин киирсиэҕэ. Барыта 5 кэмпилиэк мэтээл оонньонуоҕа».
Бастакы оонньуу күнүн түмүгүнэн Казахстан хамаандатын пааранан бөлөҕө күүстээҕэ билиннэ. Кыттааччылар бары кэриэтэ оонньууну биир тыынынан көрөллөр.
«Остуол тенниһыгар билигин үһүс миэстэ иһин киирсии буола турар. Сарсыҥҥыттан кыһыл көмүс мэтээл иһин оонньуохтара».
Теннис оонньуута түргэн туттууну-хаптыыны, оттон саахымат булугас өйү, мындыр толкуйу эрэйэр. Онон сотору кэминэн бу көрүҥнэрэ чөмпүйүөннэр ааттарын билиэхпит.