Олохтоох ас сыаната

134

Үлэ күнэ уонна оонньууларынан сибээстээн суол-иис сабыллан ырыынакка дьон сылдьыыта аҕыйаабыт. Иһирдьэ өттүгэр биирдиилээн дьон кэлэр-барар.  Таатта улууһуттан сылдьар Малышевтар дьиэ кэргэн күөрчэх оҥостоору чөчөгөй атыылаһа кэлбиттэр.

"Билигин оҕолорбутугар кэлэ сылдьабыт, сааһырбыт дьон буолан үрүҥ аһа суох сатаммаппыт, ол эрээри сыана хас кэлэрбит аайы үрдүү турара сонньутар" диэн ыал ийэтэ Луиза Малышева этэр.

Ынах арыыта киилэтэ тыһыынчаны аһарар, суораты 80-90 солкуобайтан саҕалаан ылыаххха сеп, иэдьэгэй киилэтин 300 диэн быспыттар, сөрүүн быырпаҕы балтараа лиитэрэтин 150 солкуобайтан 200 диэри сыанаҕа атыылаһыахха сөп.

Ким үрүҥ ас ылан амсайаары кэлэр, оттон ким эт, балык амсайыыга ылар. Ырыынакка Дьокуускай, улуус олохтоохторо эрэ буолбакка,соҕуруу куоракка олорор биир дойдулаахтарбыт эмиэ кэлэн таарыйаллар.

Дьокуускай олохтооҕо Татьяна Алексеева убаһа этин анаан-минээн кэһиигэ диэн атыылаһа кэлбит. Икки аҥар киилэттэн тахса эти атыыласпытыгар 4 тыһыынча кэриҥэ солкуобайы ууран биэрдэ.

Татьяна Алексеева, Дьокуускай олохтооҕо: "Кэһиигэ диэн сылгы этэ ыллым. Владивостокка барабын, онно кыыспар амсатаары атыыластым".

Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээх Вера Керемясова эт аһы атыылаабыта быданнаата.

"Ынах этэ 650-800 солкуобай. Оттон сылгы этэ 800-1800 солкуобай. Эт сыаната ботуччу, онон дьон кыралаан эти атыылаһар буолан, атыы соччо көҕө суох", диэн атыыһыт Вера Керемясова үллэстэр.  

Оттон ырыынак тас өттүгэр киириигэ оҕуруот ас, фрукта эгэлгэтэ тэлгэммит. Сүрүннээн кэлии бородууксуйа хотойорунан - арбуз, дыня, клубника, черешня. Сибиэһэй оҕуруот аһын ылаары дьон күннэтэ тоҕуоруһар, олохтоох бородууксуйа эмиэ элбээн эрэр. Оҕурсу, помидор сыаната киилэтэ ортотунан 300 кэриҥэ, кабачок 200.  Уруккута спортсмен Виктор Алексеев Азия оҕолоругар анаан-минээн Сунтаар улууһуттан кэлэ сылдьар.Иллэҥ кэммэр сибиэьэй оҕуруот аһын атыылаһа кэллим диэн этэр.

Виктор Алексеев, Сунтаар улууһун олохтооҕо: "Сыананы үчүчгэйдик билбэппин буолан баран, көрдөххө сибиэһэйэ үчүгэйэ дьикти. Үрдүк хаачыстыбалаах аһылык диэн сыаналаан турабын".

Мантан сайын бэйэ этэ-үүтэ, оҕурот аһа, күөх үүнээйитэ элбиэ, ону тэнэ сир аһа ситтэ5инэ кылгас сайыммыт минньигэс бэлэ5ин амсайыахпыт турда5а. Харчы эрэ баар буоллун.