Дьокуускайга саха сувенирдарын атыыта саҕаланна
Главное
-
28 ноября в 00:57График отключения электроэнергии и водоснабжения в Якутске на 28 ноября
-
28 ноября в 00:35Прогноз погоды в Якутске на 28 ноября
-
27 ноября в 15:01В Якутске организована бесплатная установка пожарных извещателей в домах и квартирах многодетных семей
-
27 ноября в 14:31"Языковое гнездо". В Олёкминском районе дети изучают эвенкийский язык
Дьокуускайдааҕы 2№-дээх орто оскуоланы быйыл саҥа бүтэрбит Денис Кривошапкин «Азия оҕолоро" 8-с спортивнай оонньуулар бэлиэлээх табаары атыылыырга үлэҕэ киирбит. Денис сарсыардаттан саҕалаан икки палаткананан сувенирдарын тэлгэтэн, барытын сааһылаан номнуо турар. Дьон ордук кепкалары, футболкары уонна ручка, магнит ылар диэн этэр. Үрдүк таһымнаах норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиини өйдүү-саныы сылдьарга бэлэх ылан оҥорорго, биитэр ыалдьыттарга биэрэргэ олус табыгастаах.
Денис Кривошапкин, сувенир атыыһыта: "Биһиги араас табаардары атыылыыбыт. Суумкалар, бэргэһэлэр уонна кыра сувенирдар бааллар".
Манна "Азия оҕолоро" бэлиэлээх таҥаһы-сабы, иһити-хомуоһу, канцелярскай табаары тэҥэ, халандаар, суумка атыылаһыахха сөп, сыана даҕаны удамыр, холобур, икки өттүлээх панамка 500 мөһөөк солкуобай, ручка 100, футболка 700-с солкуобайтан саҕаланар. Маннык атыы-эргиэн куорат үс болуоссатыгар тэриллэр. Орджоникидзе, Хомсомуол уонна Доҕордоһуу болуоссаттарыгар кэлэн олохтоох сувенирдардары көрүөххэ, атыылаһаыахха сөп.
Чурапчы улууһуттан төрүттээх элбэх оҕолоох ийэ Анджела Токарева оҕуруо оһуорунан умсугуйбута онус сыла. Аан бастаан бииргэ үөрэммит дьүөгэтин кытта оҕуруонан иис маастар-кылааһыгар сылдьан баран салгыы ылсан, бэйэтэ интернет уруоктарга, сурунааллары суруттаран үөрэнэн, араас эгэлгэ сахалыы тыыннаах киэргэллэри, симэхтэри оҥорор маастарга кубулуйбута. Анджела төрүт сахалыы киэргэллэри күннээҕи олоххо туһаныыга туруулаһар.
Анджела Токарева, оҕуруонан иис маастара: "Саамай бүтэһик оҥоруубут, дьон биһирэбилин ылбыт синньигэс бастыҥабыт буолар. Ыйааһына олус чэпчэки, киһи төбөтүн баттаабат. Эдэр ыччат олус сөбүлээн кэтэр".
Талааннаах маастар билигин оҕуруонан иискэ үөрэниэн баҕалаахтары умсугутуулаахтык уһуйар, бэйэтэ туспа тиһии ньыматын айбыт. Номнуо түөрт тыһыынча дьахтар-аймаҕы кытта бэйэтин маастарыстыбатын үллэстибит. Маннык дьаарбаҥкаларга өрүү көхтөөхтүк кыттар. Дьаарбаҥкаҕа ураты киэргэллэри, араас оҥоһуктары тэҥэ кинигэ эгэлгэтэ эмиэ кэчигирэспит. Саха сирин бөдөҥ кинигэ кыһата бэйэтин бородууксуйатын эмиэ хото тэлгээн ыалдьыттары күүтэр. Манна Саха сирин суруйааччыларын айымньыларын тэҥэ, сиэр-туом, төрүт үгэс туһунан кинигэлэр, кырачаан ааҕаччыларга оҕо литературата, суруналлара бааллар.
Белла Сильвестрова, кинигэ кыһатын атыыга менеджера: "Оҕолорго аналлаах араас кэпсээннэр, кинигэлэр дьэрэкээн уруйудаахтар, аудио сыһыарыылаахтар. Онон олус интэриэһинэйдэр".
Быыстапка-дьаарбаҥка оонньуулар бүтүөхтэригэр диэри тэриллиэҕэ. Куораттан эрэ буолбакка, улуустартан маастардар кытталлар эмиэ күүтүллэр.