"Азия оҕолоро" норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар бүгүн арыллар дьоро күнэ.

125

Улахан суолталаах тэрээһин иннинэ саха сиэринэн сыт таһаран аал уот аһатыллар. Алгысчыт оҕолорго кыайыы өрөгөйүн аартыга  арылларын, төрөөбүт төрүт сирдэрэ күүстэригэр күүс эбэрин көрдөһөр.

Саха сириттэн спорт 24 көрүҥэр 370 кыттааччы кыаҕын-күүһүн тургутуоҕа. Оҕолор икки сүүмэрдэммит хамаандаҕа арахсан Саха сирин чиэһин көмүскүөхтэрэ. Бастакы бөлөх састааба биллэ улахан, 245 спортменнаах, оттон иккис 125 оҕону сүүмэрдээбит. Кинилэри кытта күрэх иннинэ Ил Дархан Айсен Николаев көрүстэ, бэйэтин баҕа санаатын эттэ.

Айсен Николаев, Ил Дархан: "Бастатан туран, “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулар саҕаланан эрэллэринэн эҕэрдэлиибин. Эдэр спортсменнарбытыгар чаҕылхай киирсиилэри уонна оннук курдук чаҕылхай кыайыылары баҕарабын".

Саалаҕа мустубут хас биирдии оҕо бэйэтин көрүҥэр номнуо уһулуччу көрдөрүүлээх. Кинилэр сыл устата ааспыт күүстээх дьарыктарын   сүрүн түһүлгэҕэ көрдөрөргө толору бэлэмнэр. Оттон Ил Дархан төлөннөөх тыллара эдэр спортсменнары кыайыыга өссө кынаттаата.

Кэрэчээнэ Сергеева, Азия оҕолоро" спортивнай оонньуулар кыттыылааҕа: "Ил Дарханы аан маҥнайгыбын маннык чугастан көрдүм. Кинини кытта көрсүһүү кыайыыга күүс эптэ". 

Спортсменнар быһаарыылаах киирсии күнүн долгуйа күүтэллэр. Ох курдук оҥостон сыл устата бэлэмнэммиттэрин аан дойду таһымыгар таһаарар быһаарыылаах күннэригэр,  дойду, өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскүүллэригэр ааттаах-суоллаах, бастыҥ спортсменнар тыллара-өстөрө оҕолорго төһүү күүс буолла. 

Рома Тарабукин, "Азия оҕолоро" спортивнай оонньуулар кыттыылааҕа: "Кыайабын эрэ диэн киирсэбин, бастакы миэстэ туһугар. Үс сыл дьарыктанным. 2016 сыллаахха “Азия оҕолоро” оонньуу баарын билбитим, онтон ыла дьарыктанан саҕалаабытым". 

"Азия оҕолоро" 30 сыл кэриҥэ спорт бырааһынньыгын бэлэхтиир, норуоттары сомоҕолуур, саҥа ааттары таһаарар. Аан дойду таһымнаах күрэххэ оҕолору бастыҥтан бастыҥ тренердэр бэлэмнээтилэр. Кинилэргэ сыралаах үлэлэригэр махтал тыла этилиннэ.

Дмитрий Саввин, СӨ мас тардыһыыга сүүмэрдэммит  хамаандатын сүрүн тренерэ: "Оҕолор бэлэмнэрэ үчүгэй. 100 бырыһыан диэн көрөбүн. Үчүгэйдик киирсиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Мас тардыһыы бэйэбит көрүҥмүт буоларын иһин кырата 5 кыһыл көмүс мэтээли күүтэбит". 

Саха сирэ - Азия оҕолорун дойдута саҥа кыайыыларга бэлэм. Спортсменнар төһө кыалларынан кыһыл көмүс мэтээллэри ылар соруктаахтар. 

Леонид Спиридонов, СӨ спорт миниистирэ: "Элбэх үлэ барда. Оонньууларбыт тиийэн кэллилэр. Маннык көрсүһүү үтүө үгэс. Оҕолор бэлэмнэрэ сүрдээх үчүгэй. Оҕолорбутугар ситиһиини баҕарыаххайыҥ, кыайыылары, хотуулары, Сахабыт сирин дьонун кыайыыларынан үөрдэ турдуннар". 

Оттон спортсменнар   дойдуларын аатын аататарга бэлэмнэрин эттилэр.