Ууга сэрэхтээх буолуу аахсыйата саҕаланна

76

Быыһааччы Артур Сидоров өҥүрүк куйааһы ахсарбакка кэтиир-көрөр пуоһугар үтүө суобастаахтык сөтүөлээччилэрин маныыр. Холобура, күн бэҕэһээ бу 203 түөлбэ анныгар ууга киирэн баран тимирэ сыспыт  8 киһини быһаабыт.

Артур Сидоров, быыһааччы: «Бэҕэһээ биир киһи олус ыраах устубута уонна сэниэтэ эстэн хаалбыта. Ону быыһаабыппыт. Баттаҕыттан соһон таһаарбыппыт. Сабынан ыраах устан баран уолуйан хаалбыт дьахталлары тыынан кытылга таһаартаабыппыт».

Сөтүө кэмэ үгэннээн эдэрдиин-эмэнниин, дьон-сэргэ бары сөтүөлүүр сиргэ талаһаллар. Ол чэрчитинэн да, маныаха үгэскэ кубулуйан, сыллата  бу кэмҥэ ыытыллар "Ууга сэрэхтээх буолуу" профилактическай аахсыйа нэдиэлэтэ саҕаланна. Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин кыра кээмэйдээх суудуналарга иниспиэксийэтэ, Дьокуускай куорат быыһыыр сулууспата уонна Губинскай уокурук дьаһалтата холбоһуктаах риэйдэлэр саҕаланнылар.

Александр Никоноров, Губинскай уокурук сүрүннүүр исписэлииһэ: «Холбоһуктаах риэйдэ оҥоро сылдьабыт. Ууга сэрэхтээх буолуу иһитиннэриилэри туттардыбыт».

Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ иниспиэктэрдэр уонна быыһааччылар, чуолаан оҕолордоох төрөппүттэри, эдэр ыччаты кытары профилактическай кэпсэтиини ыыттылар. Иһитиннэриилэри туттартаатылар, өйдөөбүттэрин туһунан туоһу илии баттааттылар.

Алексей Созонов, Дьокуускай куорат олохтооҕо: «Маннык тэрээһиннэр ыытыллаллара туһалаах. Хас биирдии киһи бэйэтин көрүнэ сылдьыахтаах. Кутталлаах түгэн хаһан баҕар тахсыан сөп. Пляжпыт олус үчүгэй. Куйаас күннэр тураннар оҕор бөҕө сөтүөлүүр».

Төһө да сөтүө кэмэ соторутааҕыта саҕаланнар, номнуо ууга быһылааннар таҕыстылар. Статистика хобдох сыыппырата көрдөрөрүнэн, хомойуох иһин, 17 киһи ууга былдьаммыт, онтон 3 сураҕа суох сүппүттэр.

«Орто Халыма уонна Мииринэй оройуоннарыгар. Ууга былдьаныы сүрүн төрүөтэ көҥүлэ суох сиргэ сөтүө, оҕолору көрүүтэ-истиитэ суох хаалларааһын уонна итирик туруктаах ууга киирии. Бэс ыйын 24-30 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ууга сэрэхтээх буолуу аахсыйататын бастакы түһүмэҕэ ыытыллар. Аахсыйаҕа 500 тахса киһи кыттыыны ылар. ЫБММ үлэһиттэрэ буолбакка, араас биэдэмистибэлэр, олохтоох бэйэни салайыныылар кыттыһыахтара».

Ууга сэрэхтээх буолуу аахсыйата бу ый бүтүөр диэри ыыттыллыаҕа. Сүрүн болҕомто көҥүллэмэтэх сөтүө сирдэригэр ууруллуоҕа.