Ис туризм сайдар
Главное
-
28 ноября в 04:26Рифат Сабитов рассказал о новом классификаторе коммуникационных индустрий России
-
28 ноября в 03:41В Якутии законтрактованы 15 дорожных объектов и 5 искусственных сооружений
-
28 ноября в 03:12Якутия примет Всероссийскую олимпиаду школьников по физкультуре
-
28 ноября в 02:4528 ноября. День в истории - даты, события
Хатас ытык сиригэр 3 гектар иэннээх сиргэ турбааза нэлэһийэн сытар. Ааспыт сылга Кирилиннар эдэр ыал, ыра оҥостубут санааларын олоххо киллэрэн, сир атыылаһан, инфрастурктуратын киллэрэн дьону сынньатар биэс дьиэни тутан кэбиспиттэрэ. Билиҥҥи олох ирдэбилигэр эппиэттиир гына уурбут-туппут курдук оҥорбуттар.
Димир Кириллин, "Арыал кэмп" турбааза салайааччыта: "Биэс араас дьиэ баар. Бары ис барааннара майгыннаһар, тас өттүлэрэ эрэ атын. Сайыҥҥы өттүгэр дьиэлэр кэтэх өттүлэригэр оллоон баар. Онон төһө баҕар киһи батыан сөп".
Сынньанар дьиэлэр 12 киһи батар гына тутуллубуттар. Сайыҥҥы өҥүрүк куйаас күннэри учуоттаан, хас биирдии дьиэҕэ сөрүүкэтэр оборуудабанньалар турбуттар. Кэлбит ыалдьыттар, чуолаан оҕолордоох дьиэ кэргэҥҥэ анаан оҕо оонньуур былаһаакката, бэлисипиэт уларсан хатааһылыыр өҥө, эр дьоҥҥо, да кэрэ аҥардарга анаан тир үлэлиир.
"Сайынньы куйаас күннэри баттаһа киһи дуоһуйа сынньанарыгар бары усулуобуйа барыта тэриллибит. Хас биирдии киһи айылҕалыын алтыһар, дууһалыын сынньанар", - диэн корреспондент Анастасия Добрянцева этэр.
Маныаха хаһаайын чөл олоҕу инники күөҥҥэ тутар буолан, манна футболлуур сир уонна волейболлуур былаһаакка оҥоһуллубут. Онон тэтимнээх, хамсаныылаах спорду сэҥээрээччилэр "Арыалга" кэлэн тыыннарын таһаарыахтарын сөп.
Димир Кириллин, "Арыал кэмп" турбааза салайааччыта:"Сирбит-уоппут киэҥ тула күөллэр бааллар. Онон сынньанааччылар сатыы да бэлисипиэтинэн да күүлэйдиэхтэрин сөп. Кураттан олус ырааҕа суох, Хатас нэһилиэгин аттыгар баар. Суолбут үчүчгэй".
Арыаллар инники былааннара киэҥ, салгыы өссө спортивнай, чэбдигирдэр өҥөлөрүн элбэтэр итиэннэ таһырдьааҥҥы киинэ тыйаатырын тутар соруктаахатар.