“Азия оҕолоро” олорор сирдэригэр мэдэссиинэ пууннара үлэлээтилэр
Главное
-
28 ноября в 04:26Рифат Сабитов рассказал о новом классификаторе коммуникационных индустрий России
-
28 ноября в 03:41В Якутии законтрактованы 15 дорожных объектов и 5 искусственных сооружений
-
28 ноября в 03:12Якутия примет Всероссийскую олимпиаду школьников по физкультуре
-
28 ноября в 02:4528 ноября. День в истории - даты, события
Аҕыйах хонугунан «Азия оҕолорун» олохтуохтаах уопсайдарга бүтэһиктээх бэрэбиэркэлэр бараллар. Роспотребнадзор исписэлиистэрэ мэдэссиинэ пууннарын сыныйан туран ирдэбил толору тутуһуллубутун көрөллөр. Эмп-том, оборуудабанньа, бу курдук пууннар хас биирдии спортсменнар олорор уопсайдарыгар баар буолуоҕа.
Любовь Будацыренова, Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салалтатын эпидемиология салаатын салайааччыта: «Пууннар толору бэлэмнэр. Оонньуу кыттыылаахтара олорор сирдэригэр бары пууннар оҥоһулуннулар».
Сыстыганнаах ыарыылаах киһи биллэриллэр түгэнигэр хас биирдии пууҥҥа, суһал көмө кэлиэр диэри, быстах кэмҥэ олордор хостор тэрилиннилэр. Маннык хостор туох ирдэбиллэргэ эппиэттиэхтээхтэрин 1-кы нүөмэрдээх поликлиника бырааһа кэпсээтэ.
Саргылаана Волкова, Дьокуускайдааҕы 2№-дээх поликлиника бырааһа: «Бу хосторбут салгынынан бэриллэр уонна ис ыарыылара диэн арахсаллар. Ирдэбил быһыытынан анал лаампалар, дезинфекциялыыр тэриллэр баар буолуохтаахтар».
Роспотребнадзор бэрэбиэркэтин түмүгүнэн норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга үлэлиэхтээх пууннар уонна быраастар туруоруллубут ирдэбиллэргэ эппиэттииллэр, толору бэлэмнэр. Ким эмэ ыалдьар, эчэйэр түгэнигэр тустаах үлэһиттэр туох баар көмөнү оҥорорго табыгастаах усулуобуйалаахтар.
Любовь Будацыренова, Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салалататын эпидемиологийаҕа хонтуруоллааһын салайааччыта: «Бэрэбиэркэ түмүгүнэн эттэххэ, мэдэссиинэ үлэһиттэрэ бары бэлэмнэр. Ирдэнэр оборуудабанньа барыта баар. Онон туох да итэҕэс баарын бэлиэтээбэтибит».
Быраастар этэллэринэн куйаас күҥҥэ сүүрүү-көтүү киһи доруобуйатыгар хас даҕаны бүк күүстээх ноҕуруусканы биэрэр. Онон мэдэссиинэ пууннарыгар кыттааччылар өттүлэриттэн киһи ахсаана элбэх буолуоҕун сөп. Араас хайысхалаах көмөнү оҥорорго бары бэлэмнэр, үгүс тустаах үөрэҕи аастылар.
Саргылаана Волкова, Дьокуускайдааҕы 2№-дээх поликлиника бырааһа: «Мэдэссиинэ үлэһиттэрэ бастакы көмөнү оҥорууга үөрэхтэри аастыбыт. Хайа баҕар түгэҥҥэ көмөлөһөргө бэлэммит. Спортсменнар эчэйии эрэ буолбакка куйаас кэмҥэ ыалдьыахтарын сөп».
Оонньуулар ыытыллар сирдэригэр быраастар, 6 көһө сылдьар биэлсэр пууна уонна 1 суһал көмө биригээдэтэ үлэлиэҕэ. Маны таһынан "Азия оҕолоро" норуоттар икки ардыларынааҕы 8-с онньууларын арыллыытын уонна сабыллыытын тэрээһиннэригэр эбии күүс кэлиэҕэ.
Александра Уарова, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин сүрүн педиатра: «Аһыллыы уонна сабыллыы кэмигэр диэн Саахалга түбэспиттэргэ көмө киинэ көмөҕө тахсыаҕа».
"Азия оҕолоро" норуоттар икки ардыларынааҕы 8-с оонньуулар саҕаланаллара 1 күн хаалла. Билигин быраастар номнуо үлэ үгэнигэр түһүннүлэр. Эмтиир пууннар маҥнайгы ыалдьыттарын көрсөргө бэлэмнэр.