Оҕуруот аһын табыгастаахтык үүннэрии албастара

312

Учуонай-оҕуруотчут Иннокентий Апполонович тэлгэһэтин иһигэр үлэ тэтимнээхтик ыытыллар. Күннэтэ араас үүнээйилэри, оҕуруот аһын көрөр-истэр, бэрийэр. Сайыҥҥы ылааҥҥы күннэргэ үүнүөх айыылааҕы эрэ барытын ылан үүннэрэн, чинчийэр, үөрэтэр, араас кистэлэҥнэри тобулан үлэтин кыайа тутар. Биир сүрүн кистэлэҥ - буору сөпкө оҥоруу.

Иннокентий Федоров - Арассыыйа билимин академиятын Сибиирдээҕи салаатын Биология институтун билим үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын билимин хандьыдаата: «Перегной диэн 3-4 сыл сыппыт сүөһүлэр саахтара буолар. Онтон эрдэ ыллахха үүнээйини уматар кыахтаах. Буорга 30% курдук буолуохтаах. Оҕуруот аһыгар 40% буолуон сэп, талахха-маска 20%».

Онтон иккиһинэн, эмиэ соччо кээмэйдээх өрүс кумаҕын кутуу уонна саамай сүрүнэ хатыҥ-чараҥ алардардаах сиртэн хара буору ылыы. Оччоҕуна өлгөм үүнүү уһун сайын устата мэктиэлэнэр. 

Сөптөөх көрүү-истии үүнээйи үүнүүтүн табыгастаахтык ылыы сүрүн ирдэбилэ. Сарсыарда 5 чаастан киэһэ 11 чааска диэри үлэлээтэххэ эрэ кыаллар уустук дьыала. Хас биирдии үүннэрэр көрүҥэ туһата туспа, доруобуйаҕа өҥөтө сүдү. Биир оннук үүнээйитэ түүбүктэ, нууччалыыта жимолость.

Иннокентий Федоров - Арассыыйа билимин академиятын Сибиирдээҕи салаатын Биология институтун билим үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын билимин хандьыдаата: «Сүрдээх туһалаах, хаан убатар уонна аһылыкка туттуохха сөп».

Сахабыт сирин ирбэт тоҥноох тыйыс сирэ оҕуруот аһыгар табыгаһа суох. Өскөтүн үүнээйи сөптөөхтүк үүнэригэр буор сылааһа 15-20 кыраадыс буолара ирдэнэр буоллаҕына, биһиэхэ муҥутаан 12 кыраадыс буолар. Онон Иннокентий Апполоновичка манна эмиэ туспа сатабыллаах.

Иннокентий Федоров - Арассыыйа билимин академиятын Сибиирдээҕи салаатын Биология институтун билим үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын билимин хандьыдаата: «Үрдүк кирээдэ тутабын, анныгар күөх оту симэбин, алларааттан тымныы киллэрбэт уонна эбии аһылык буолар».

Учуонай тэлгэһэтин иһигэр халлаан күөх өҥнөөх харыйаны, яблоняны уонна да атын эриэккэс үүнээйилэри көрүөххэ сөп. 42 сыл устата үүнээйилэри чинчийбит учуонай сүбэтэ, билиитэ-көрүүтэ элбэх. Тэлгэһэтин иһигэр барыны бары олордон Саха сиригэр суох да үүнээйилэри олохтуур.