Саха сирин бастакы улуустааҕы түмэлэ былыргы Бүлүү куоратыгар турар
Главное
-
28 ноября в 06:38В Национальной библиотеке Якутии состоится презентация книги "Якутский этнос на рубеже XX-XXI веков"
-
28 ноября в 06:12В Якутске пройдет интерактивный праздник "Зима fest"
-
28 ноября в 05:44В Якутии завершился Чемпионат республики по настольному теннису
-
28 ноября в 05:15В Нюрбе пострадавшему от укуса собаки выплатят компенсацию морального вреда
Кытайтан кэлбит ыалдьыттар тута сүүнэ улахан тайаҕы кытта хаартыска түһэллэр. Саха сирин хара баай тыатын оҕолоро кэлии норуоту ордук сөхтөрдүлэр. Кинилэр Бүлүү үбүлүөйдээх ыһыаҕар кэлэ сылдьан түмэл устуоруйатын, пуондатын олуһун сэргээтилэр. Бүлүү куорат туһунан Дуншань оройуонун норуодунай салалтатын салайааччыта кэпсээтэ.
Ма Жунхуа, Дуншань оройуонун норуодунай салалтатын салайааччыта: «Хэган куорат делегациятын саха национальнай бырааһынньыгар ыҥыран бу кэлэн турабыт. Кытайга манна майгынныыр бырааһынньыктаахпыт, Күн бэстибээлэ диэн. Маннык тэрээһиҥҥэ бастакыбытын кыттыыны ылар буоламмыт олус үөрдүбүт. Бүлүү куорат үгэһин, култууратын кытта ыкса билсэн үчүгэй санаалаахпыт. Хас биирдии киһи үөрэ көтө сылдьарын көрөр наһаа үчүгэй».
Кинилэр бу Айылҕа, этнография уонна история салаата. Балартан саамай улахан сааланы биллэн турар баай, дириҥ устуоруйалаах, Бүлүү былыргы куоратын кэрэһэлиир история саалата буолар. Манна 1917 сыллаахтан биллиҥҥигэ диэри Бүлүүгэ олоро сылдьыбыт дьон, промышленность уонна оччотооҕу туттар мал-сал арааһа көрдөрүүгэ баар. Манна Бүлүү улууһун хаһаахтарыгар Саха сирин вице-губернатора 1915 сыллаахха үчүгэй сулууспа иһин туттарбыт сэдэх көрдөрүүтүн көрөөрү Өрөспүбүлүкэ араас муннуктарыттан мусталлар. Бу хаһаах бунчуга буолар, сиһилии түмэл дириэктэрэ кэпсээтэ.
Татьяна Афанасьева, Пётр Староватов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ: «Бүлүү куорат им бэлиэтэ. “Вилюйским казакам в назидание потомству” диэн суруктаах. Бу дьүһүнүнэн бааматынньык оҥоһуллубута».
Бүлүү улууһун салайааччыта Сергей Николаевич ыалдьыттарга Бүлүү урукку уонна билиҥҥи промышленнай хаартататын көрдөрөр. Петр Староватов аан маҥнайгынан Бүлүү сиригэр алмаас таас баарын дакаастыыр уонна дойду үрдүнэн саҥа саҕахтары аһарга суол-иис тэлэр.
Суруйааччы Николай Чернышевскай Бүлүү куоратыгар 12 сыл олорбута. Бу киниэхэ анаан устуоруйа салаатыгар туһунан муннук баар. Маны кытары өссө бу түмэлгэ эбэҥкилэр Бүлүү сириттэн төрүттээхтэрин туоһулуур төрүт таҥастара-саптара көрдөрүүгэ баар. Таксидермия салаата сайдан, көтөр бары көрүҥүн чуучулатын көрүөххэ сөп.
Татьяна Афанасьева, Пётр Староватов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ: «Гаврила Иванович Попов Бүлүүгэ бүтэһик куорат старостата дьиҥнээх бүтэһик тутта сылдьыбыт маллара».
“Өксөкүлээх Өлөксөй уонна Бүлүү” диэн муннукка Алексей Елисеевич Бүлүүгэ учууталлыы сылдьыбыт кэмин саҕанааҕы Эдисон фонограба баар. Бу аппаратынан кини саха фольклорун хомуйара. Маны таһынан үгүс элбэх быыстапкаҕа да туруон сөптөөх саа көрүҥүн арааһа, Бүлүү сиригэр булуллубут сэлии уҥуохтара кэлбит ыалдьыттары улаханнык сөхтөрдүлэр.