Дьокуускай 202 түөлбэтин сөтүөлүүр сирэ үлэтин саҕалаата

87

Иван Фёдоров Дьокуускай сөтүөлүүр сирэ арыллыбытын истэн баран оҕолорун сөтүөлэтэ илдьэ кэлбит. Киин куоракка куйаас күннэри атараарга биир бастыҥ сир диэн сылын ахсын таптаан сылдьар. Пляж урукку сыллары кытары тэҥнээтэххэ быйыл лаппа ырааһырбыт, тупсубута харахха быраҕыллар диэн үөрүүтүн үллэһиннэ.

Иван Фёдоров, Дьокуускай олохтооҕо: «Оҕолорбун сөтүөлэтэ аҕаллым. Куйаас күҥҥэ сөрүүкүү кэллибит. Уларыйыы бөҕө: күрүө туппуттар, ыраас буолбут».

Сөтүөһүттэр ууга куттала суохтук сылдьалларыгар табыгастаах усулуобуйалары тэрийэллэр, анал быыһааччылар пляж үлэлиир кэмнэригэр ситимнэрин быспакка үлэлиэхтэрэ. 

Василий Аргунов, куттал суох буолуутун хааччыйар инженер: «Буйдары туруора сылдьабыт уонна дьон быыһыыр тэриллэрин. 7 быыһааччы баар. Саҥа сөтүөлүүр сир оҥоро сылдьаллар, от ыйа ортотугар бэлэм буолуо».

Сөтүөлүүр сир киириитигэр харабыллар күн өрөбүлэ суох үлэлииллэр. Итирик туруктаах дьон киирбэтин гына хонтуруоллууллар уонна уопсай бэрээдэги куруук көрө-истэ сылдьаллар. Онон оҕолуун-уруулуун сынньана кэлэргэ бэрт табыгастаах.

Егор Степанов, сөтүөлүүр сири көрөр-истэр тэрилтэ дириэктэрин солбуйааччы: «Харабыл итирик дьоннору киллэрбэт, бэрээдэги кэтиир. Ол иһин оҕолоох ыаллар кэлэллэрэ табыгастаах».

Сөтүө сирин үрдүнэн үлэ эмиэ күөстүү оргуйа турар. Сотору кэминэн күүлэйдииргэ, олорон эрэ аһыырга анал миэстэ оҥоһуллан бүтүөҕэ.

Үлэһиттэр “Азия оҕолоро” оонньуулар саҕаланыахтарыгар диэри тутуу, өрөмүөн үлэлэрин түмүктүүр сыаллаахтар.

Абдулвасид Саидов, тутуу үлэтин ыытар тэрилтэ үлэһитэ: «Тут кабинка будет, брусчатка, асфальт, сверху бетон. До Игр “Дети Азии” постараемся закончить. Ребята стараются красиво сделать, чтобы народ пришел и нормально отдохнул».

Анал сөтүөлүүр сир сарсыарда тоҕустан киэһээ тоҕуска диэри киин куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар ааннарын тэлэччи арыйар. Онон иллэҥ бириэмэни атаарарга табыгастаах сир дьону-сэргэни сайын устата үөрдэ туруоҕа.