Уус-Алдан улууһун туорахтаах култууранан хааччыйар "Биэттэ-агро" быйыл ыһыы үлэтин түмүктээтэ
Главное
-
28 ноября в 08:28Комплексную реабилитацию в Якутии прошли 354 участника СВО
-
28 ноября в 08:03В региональный закон о профилактике безнадзорности и правонарушений несовершеннолетних вносятся изменения
-
28 ноября в 08:02Более 90 тысяч пациентов приняла новая поликлиника в Таттинском районе Якутии
-
28 ноября в 07:43В Якутске временно ограничат движение транспорта по ул. Дзержинского и на проспекте Ленина
Томтор бааһыната номнуо көҕөрөн, нэлэһийэн сытар. Оттон бу Биэттэ -агро ыһыытын үлэтин бастакы түмүктэрэ көстөллөр. Тэрилтэ тутаах үлэһитэ Василий Сивцев бааһыналарн көрө-истэр түбүгэр сылдьар. Манна, тустаах бааһынаҕа Саха сиригэр оройуоннаммыт туорахтаах култуура үүннэриллэр.
Василий Сивцев - "Биэттэ - агро" тэрилтэ үлэһитэ: «Ыһыы үлэтэ ыам ыйын 22 күнүнттэн саҕаламмыта уонна бэс ыйын маҥнайгы күнүгэр этэҥҥэ түмүктэммитэ. 604 га сири ыһан олоробут. Ардах түһэрэ буоллар орто үүнүүнү ылар быланнаахпыт. Күһүҥҥү обработкаҕа дизельнай булуук барар онтон кыһын хаар тэптэриитигэр үлэлиибит, саас сиик саптарыытыгар».
Биэттэ - агро быйыл үлэтин ыырын улаатыннаран бу күһүн саҥа суорт озимай оруос олордор былааннаахтар. Ол чэрчитинэн бу соторутааҕыта Биэттэлэргэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин халыҥ хамаандата кэлэн, тэрилтэ үлэһиттэригэр сүбэ-ама биэрбитэ. Уопсайынан манна үлэ үгэнэ.
Былырыын Биэттэлэр тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйөбүлүнэн улахан, саҥа ыскылаат арыйбыттара. Саҥа эбийиэк 9,6 мөллүйүөн солкуобай сууммааҕа тутуллубута. Оттон маннык улахан суумма сылга 100 туоннаны куоһарар тэрилтэлэргэ бэриллэр. Билигин манна Виленскай оруос саппаастара сыталлар.
Василий Сивцев - "Биэттэ - агро" тэрилтэ үлэһитэ: «Виленскай саҥа суорт буолан бэйэтин үчүгэй өттүнэн көрдөрдө, туораҕа улахан».
Сүөһү-сылгы эбии аһылыгын ыскылаата олус улахан. Манна 500 туонна туорахтаах култуура биирдэ батар. Аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир. Икки өттүттэн улахан ааннардаах буолан, үлэлииргэ табыгастаах.
Михаил Белолюбский, "Баатаҕай" МТ баһылыга: «Нэһилиэкпитигэр урукку совхоз кэнниттэн ыһыллыы кэниттэн тэтиргинэн үүнэн хаалбыт, быраҕыллыбыт бааһыналары барытын илииннэн хомуйан, ыраастаан, барытын 100% барытын сөргүттүлэр. Минсельхоз бырагыраамаларынан оттуур ходуһа, бааһына күрүөлэнэн, инник көмөлөр көрүллэллэрэ сүрдээҕин үчүгэй».
Бу курдук Уус-Алдан улууһун биир бөдөҥ хаһаайыстыбата сайыҥҥы ыһар хампаанньатын түмүктээн, күһүҥҥү хомууру кэтэһэр.