Дойдунааттыы санааны иитиигэ уонна байыаннай дьарыкка үөрэтиигэ туһуланар лааҕыр арылынна

82

Байыаннайдары бэлэмниир "Буойун" киин знамята киирдэ. Энергетик лааҕыр быйылгы сыллааҕы икки сезона оҕоҕо дойдунааттыы санааны иитиигэ уонна байыаннай дьарыкка үөрэтиигэ ананна. Бастакы кэрчиккэ 250 оҕо мустан, лааҕыр үөрүүлээх арыллыытын бэлиэтээтилэр. 8 этэрээккэ арахсан мантан сайын бастыҥнары быһаарар сүүмэрдээһиҥҥэ киирсиэхтэрэ.

"Зарница 2.0" диэн ааттаах байыаннай дойдунааттыы оонньуу кыттыылаахтара бу оҕолор истэригэр эмиэ бааллар. 85 оҕоттон сайыҥҥы сбор түмүгүнэн 10 бастыҥ бэлэмнээхтэри талыахтара. Сылын аайы Уһук Илиҥҥэ ыытыллар күрэххэ Саха сирин сүүмэрдэммит састаабыгар киириэхтэрэ. Амматтан сылдьар 10 кылаас үөрэнээччитэ Игорь Константинов бэйэтин оскуолатын аатыттан кэлэн бэлэмнэниини ааһа сылдьар.

Игорь Константинов, лааҕыр иитиллээччитэ: "Бу лааҕыр туһунан “Зарница” диэн күрэхтэһиигэ сылдьан истибитим. Онно бастааммыт бу манна кэллибит. Сотору Хабароскайга салгыы күрэхтэһэ барыахтаахпыт".

Оҕолор өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан мустубуттар. 14-17 саастарыгар диэри ким баҕарар көҥүл кэлиэн сөп. 20 баһаатай кинилэри күнүстэри-түүннэри 21 күн устата көрөллөр-истэллэр. Күрэххэ бэлэмнэнэ диэн кэлбит, 85 оҕоттон уратыларга, сарсыардалара 8 чаастан саҕаланар, оттон күүстээх бэлэми ааһааччыларга сарсыарда 7-тэн. Күҥҥэ биэстэ икки бөлөҕүнэн аһыыллар, уочараттаһаллар, булгуччу бэрээдэгинэн үлэлииллэр. Дьокуускай куорат олохтооҕо Артем Менкяров бу лааҕырга иккиһин кэлбитин туһунан кэпсээтэ.

Артём Менкяров, лааҕыр иитиллээччитэ: "Былырыын сайын бу лааҕырга сылдьыбытм. Ол эрэн “Буойун” бырайыакка буолбатах. Быйыл эмиэ оннук буолуо дии санаан кэлбитим, онтум өссө ордук эбит".

Хас биирдии лааҕыр иитиллээччитигэр саҥа форманы бэлэх ууннулар. Уонна оҕолор 21 күн устата туохха үөрэнэн тахсалларын туһунан "Буойун" байыаннай киин Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ иһитиннэрдэ.

Василий Егоров, "Воин" байыаннай киин Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ: "Бу оҕолору 21 хонук устата түөрт хайысханан үөрэтиэхпит. Ол курдук мэдэсиинэҕэ, ытыыга, пилота суох көтөр ааллары салайыыга уонна куттал суох буолуутун хааччыйыыга уһуйуохпут”.

Аҥаардас уолаттар эрэ буолбакка, бу лааҕырга кыргыттар эмиэ сылдьаллар. Эбиэккэ диэри 3 чаас, оттон эбиэт кэннэ 2 чаас дьарыктаналлар. Дьиэттэн саҥа ыраатар оҕолорго кыһамньылаах баһаатайдар, оттон диссипилиинэни тупсарарга тактическай бэлэми ыытар иитээччилээхтэр.

Айсен Иванов, лааҕыр иитээччитэ: "Оҕо лааҕырга бастаан кэлбитинээҕэр ордук диссипилиинэлээх буолуо. Дойдунааттыы хайысхалаах ол иһин бэрээдэги ирдиибит. Бэйэтин көрүнэ, улахан дьону убаастыы, дойдутун таптыы үөрэниэ. Бастакы көмөнү оҥорууну үөрэтихпит,бу көннөрү күннээҕи олоххо олус наадалаах буолар".

Уонна лааҕыр бүтүүтэ барыларыгар "Дьоруой бириэмэтэ" диэн федеральнай бырагыраамаҕа кыттыыны ылбыттарынын туһунан туоһу сурук туттарыллыа.