Уһуйааччылар дьиэ кэргэн, уһуйаан уонна оскуола биир кэлим хайысхалаах үлэлэрин торумун ырытыстылар

88

Нам улууһун киинин "Чуораанчык" оҕо саада Саха сиригэр бастакынан, 2015 сыллаахтан Монтессори методикатын сахатытыыга ылсан үлэһэр. Бэрт интэриэһинэй бүтүн аан дойдуга чахчы даҕаны оҕону сайыннарыыга биһирэппит ньыма аны сахалыы тыыннанан сайдар. Ол курдук чуораанчыктар тылы сайыннарыыга Монтессори ньыматын туттан бэл диэтэр идэ таһымын үрдэтии институтун кытта бүтүн үөрэтэр босуобуйа бэлэмнии сылдьаллар.

Наталья Григорьева, Нам улууһун "Чуораанчык" оҕо саадын иитээччитэ: "Биһиги чуолаан тылы сайыннарыыга дьарыктана сылдьабыт. Ол эбэтэр оҕолору сурукка бастакы хардыылары оҥотторобут. Маныаха биһиги Монтессори Питер диэн фабрикаҕа сахалыы алпаабыты үлэһэн оҥотторбуппут".

Чуораанчыктар уһулуччу уопуттарын педагогтары, уһуйаан салайаачыларын кытта үөрэ-көтө үүлэстэллэр. Бу манык ис хоһоонноох маастар-кылаастары уһуйаан үлэһиттэрин уонна алын кылаас учууталларын регионнар икки ардыларынааҕы форумҥа сиһилии билсиэххэ сөп. Икки күн устата Дьокускайга Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Саха сирин бары уһугуттан, атын реионнартан барыта 500-чэкэ педагог кытынна.

Ульяна Заровняева, Горнай улууһун үөрэҕириигэ салалтатын методииһа: "Биһиги Горнай улууһуттан 15 уһуйаантан, информационнай-методическай киинтэн, оскуолалартан барыта 70 тахса педагог кэллибит. Форум маҥнайгы күнүгэр Горнай улууһа фокус бөлөх буолбуппут. Бу былаһааккаҕа биһиги улууспут бастыҥ уопуттарын көрөдөрдүбүт".

Тэрээһин сүрүн ис хоһооно - дьиэ кэргэн,уһуйаан уонна оскуола биир кэлим хайысхалаах үлэлииллэригэр туһуланар. Форумҥа ыраах хоту улуустартан кытта кэлэн элбэх билии, үтүө холобур ыллыбыт, уопут үллэстэбит диэн кыттыылаахтар санааларын этэллэр.

Анна Ковлекова, Уус Майа бөһүөлэгин "Якорек" оҕо садын старшай иитээччитэ: "Федеральнай үөрэхтээһин бырагырааматын саҥа баһылыы сылдьабыт. Оттон манна олус элбэҕи биллим. Дириҥ ис хоһоонноох лекцияларга, дьарыктарга сырыттым".

Форумҥа иитээччилэр, учууталлар оонньуу лабораторияларыгар үлэлээтилэр, маастар-кылаастары, оскуола иннинээҕи уонна алын сүһүөх үөрэхтээһиҥҥэ цифровой технолгияны киллэриигэ анаммыт быыстапканы  көрдүлэр. Киин болҕомтону практическай үлэҕэ уурдулар. Чурапчы улууһун "Туллукчаан" оҕо киинэ өҥ-дьүһүн, хартыына көмөтүнэн кырачааннары музыканы айан таһаарыыга сыһыараллар. Маныаха бэйэлэрэ авторскай музыкальнай үнүстүрүмүөнү кытта оҥорон бэлэмнэбиттэр. 

Альбина Варламова, Чурапчы улууһун "Туллукчаан" оҕо сайдар киинин сэбиэдиссэйэ: "Музыка ноталара барыта араас дьүһүнүнэн уруһуйдана сылдьаллар. Хас биирдии нотабыт оҕуруонан бааллар. Маны сэргэ музыка планшета диэн бэйэбит айбыт үнүстүрүмүөммүтүн аҕаллыбыт. Дьүһүнү музыканы дьүөрэлээн оҕо үөрэнэр".

Форуму үөрэх сайдыытын уона Идэ таһымын үрдэтии института тэрийэн ыытта. Быйыл Семен Донской аатын сүгэр институт төрүтэммитэ 85 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир.