Дьокуускайга арассаада маассабай атыыта саҕаланна

65

Сылын ахсын тутуу ырыынага баччаларга үүнээйи ырыынагар кубулуйар. Сүүһүнэн рассада, дьэрэкээн сибэкки хото тэлгэммит.  Бу барыта чааһынайдар, идэтийбит оҕуруоччуттар бүөбэйдээн үүннэрбит күөх битэмииннэрэ. Дьон кэлиитэ көхтөөх, ким сибэкки, оттон ким оҕуруот аһын рассадатын атыылаһар. Дьокуускай олохтооҕо Степан Кокорин даачатыгар оҕуурот аһын бары көрүҥүн кэриэтэ олордор, рассадататын сыллата мантан кэлэн ылабын диэн кэпсиир.

Степан Кокорин, Дьокуускай олохтооҕо: “Бу 30 устуука теплицэ помидорун ыллым уонна оҕурсу”

Биллэн турар, хас биирдии үүнээйи элбэх көрүүттэн, сыралаах үлэттэн тахсар. Кини оҕолуу кэриэтэ сыһыаны эрэйэр, онон болҕомто, сүрэхтээх буолуу ирдэнэр. Бэйэтэ агроном идэлээх Розалия Иванова сыллата оҕуруот аһын рассадатын олунньу ыйтан саҕалаан олордон, анаан-минээн атыыга таһаарар. Былырыыҥҥытааҕар сыана 10-15 бырыһыанынан эбилиннэ диэн этэр.

Розалия Иванова, атыыһыт: “Быйыл сыанабыт арыый эбилиннэ. Сороҕор уруккутунан хаалла. Сиэмэ да буор да ыарахан, уот, гаас ол иһин сыана үрдүүр”

Оҕуруот аһа ортотунан 50-60 солкуобайтан ыла саҕаланар. Оҕурсу, помидор, сүбүөкүлэ, хаппыыста, биэрэс тарҕаммыт суортара хас эрээт аайы кэчигирэһэллэр. Холобура, бэйэтэ ууһаан үүнэр кабачок сыаната биир мөһөөхтөн тахса. Оттон сибэкки рассадата көрүҥүттэн көрөн ортотунан 60-70 солкуобайтан 300 диэри сыанаҕа атыылынар. Петуниялар суортарыттан көрөн сыаната араастаһар, эриэккэс сибэккилэр сыаналара эмиэ добуоччу.

Клубника, саад дьэдьэнэ эмиэ элбэх. Холобур, биир маннык иһит клубника рассадатын 500 солк. атыылаһыахха сөп. Дьэрэкээн өҥнөөх сибэккилэр уйгу сайыммыт кэрэтин көрдөрөрдүү үүнэн силигилээн туралларын көрүөххэ үчүгэйэ. Сүрэхтээх дьон бүөбэйдээн, буору, сиэмэни кытта эрдэттэн тустан, өлгөм үүнүүнү ылан атыыга таһааран, дохуот аахсар.

Анна Филиппова, атыыһыт: “Сибэкки, оҕуруот аһа саамай кэмэ. Оҕурсу тепличнай уонна грунтовой диэн арахсар. Биһиэхэ теплицэ киэнин ылаллар, сайыммыт кыра буолан”

Рассада дьаарбаҥкатыгар сыллата саҥа, сонун үүнээйилэр киирэн иһэллэр. Урукку сылларга отонноох мас көрүҥэ аҕыйах эбит буоллаҕына, билигин араас маһы, эриэккэс үүнээйини аҕалан атыылыыр буолбуттар. Биир сааскы күн сылы аһатар. Аны сири кытта бодьуустаһар дьоҥҥо- таба талбытын олордор, бүөбэйдиир түбүгэ хаалар.

Билигин дьон үксэ бэйэлэрин тиэргэннэригэр, оҕуруоттарыгар анаан арассааданы хото атыылаһар. Мантан кэнники атыы-тутуу өссө элбии турдаҕа.