"Дальний восток - земля приключений" куонкурус сайаапкалары ыларын салгыыр
Главное
-
28 ноября в 15:05Трудовая адаптация. В исправительной колонии Якутска запустили производство школьных парт
-
28 ноября в 14:25Рожденные в День матери. В Якутске прошла торжественная выписка 16 малышей
-
28 ноября в 14:08В Якутии определили порядок субсидирования строительства автомобильных газовых станций
-
28 ноября в 13:56Зима начинается с Якутии. В столице республики проходит конкурс ледовых скульптур
Ыраах туристическай суолларынан үлүһүйэн туран хаамар, туризм диэн баран муннукка ытаабыт Дьокуускай куорат олохтооҕо Сардаана Омукова бу эйгэҕэ улахан куонкурус буоларын истэн, кыттарга санаммыт. Киин куораппыт эркин баар турмаршруттары киэҥ араҥаҕа таһаарар соруктаах.
Сардаана Омукова, Дьокуускай куорат олохтооҕо: «Хаҥалас улууһуттан Табаҕа тумуһугар хаамаллар эбит. Айылҕаны көрө, ыраас салгынынан тыына. Хас даҕаны сырыыны көрдөрүөхпүн баҕарабын дьоннор билэллэрин курдук. Оттон сырыы уһаабыта 7-9 км курдук буолар. Киһи 2-3 чааһынан сылдьар ыллыктара».
Быйыл иккис төгүлүн тэрийиллэр дойду таһымнаах туризм эйгэтигэр күрэххэ, сайаапкалары өссө ааспыт ыйга хомуйан саҕалаабыттара. Кыттыан баҕалаахтар Саха сирин иһинэн хас да сиргэ сылдьан, тиийэн мүччүргэннээх айаҥҥыт туһунан видео устан ыытыаххытын сөп. Холобура, Өлүөнэ эбэбит очуостарыгар, Муома айылҕа пааркатыгар, Халымалыыр аартыкка, Сэттэ Дабаан хайаҕа, Сиинэҕэ, Буотамаҕа, Аммаҕа онтон да атын кэрэ айылҕалаах, көстүүлээх миэстэлэрбитигэр.
Степанида Оконешникова, СӨ туризм, атыы уонна эргиэн министиэристибэтин туризм салаатын салайааччыта: “Бу куонкурус сүрүн сыала – дойду олохтоохторо Уһук Илиҥҥэ интириэстэрэ улаатарыгар уонна биһи Сахабыт сирин айылҕатын, историятын туһунан билиилэрэ элбээтин диэн. Ыам ыйын бастакы күнүттэн сыл бүтүүтүгэр диэри сайаапкалары хомуйабыт. Биһи министиэристибэбит сүбэлиир үлэни ыытар”.
Быйыл куонкуруска үгүс уларыйыылар киирдилэр. Ол курдук, күрэххэ 10 саастарыттан 18 диэри оҕо-аймах кыттыан сөп буолла. Маныаха уларыйыы анал ааттарга уонна устуу ирдэбиллэригэр таҕыста. Уһуллар сирдэр хайаан даҕаны ыксаллаах быһыы-майгы, быыһыыр сулууспа маршруттарыгар киирбит буолуохтахтар.
Аркадий Ксенофонтов, СӨ туризм сайдыытын агенствотын салайааччытын быстах кэмҥэ солбуйааччы: “Ити роликтарга кыттыылаахтар бэйэлэрэ каадырга көстүөхтээхтэр, бэйэлэрэ кэпсиэхтээхтэр. Ким кэпсиирин, тугу көрдөрөрүн сурук баар буолуохтаах уонна 8 мүнүүтэни кыайыа суохтаах”
Сайаапкалары ахсынньы 30 күнүгэр диэри ыытыахха сөп. Манна даҕатан эттэххэ, анал ааты ылааччылары бэртээхэй бириистэр көһүтэллэр. Муҥуутуур кыайыылаах - 3 мөл. солкуобайы ылары ситиһиэҕэ.