Саха хомуһа Саха эрэ сиригэр оҥоһуллан тахсарын туһунан докумуону ылла
Главное
-
28 ноября в 15:05Трудовая адаптация. В исправительной колонии Якутска запустили производство школьных парт
-
28 ноября в 14:25Рожденные в День матери. В Якутске прошла торжественная выписка 16 малышей
-
28 ноября в 14:08В Якутии определили порядок субсидирования строительства автомобильных газовых станций
-
28 ноября в 13:56Зима начинается с Якутии. В столице республики проходит конкурс ледовых скульптур
Роман Готовцев саха хомуһун таптайар. Бу хомуһу сыыйыы 8-таах боробулуохаттан оҥорор. Бастаан куорпуһун оҥорон, тылын быһан эрдэттэн бэлэмниир, ол кэннэ 3 күн олорон биир хомуһу бүтэрэн таһаарар. Идэтийбит хомусчуттар хомустара өр бириэмэ устата оҥоһуллар, тоҕо диэтэххэ бэйэлэрин тыннарын уонна тэтимнэрин билэр буолаллар. Оттон кыра оҕолорго хайдах хомус барсарын туһунан уус киһи кэпсээтэ.
Роман Готовцев, СӨ тимир уустар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ: «Кыра оҕоҕо сымнаҕас тыллаах тиистэригэр үчүгэй буоларын гына наада. Оҕо түргэнник үөрэнэр уонна тыас таҕыста да үөрүнньэҥ, ол иһин үрдүк соҕус, гынан баран синньигэс тыллаах оҥоробун».
"Айар уустар" үөрэх кыһатыгар устудьуоннары уһаныы салаатыгар үөрэтэллэр. Хас биирдиилэрэ быһах эбэтэр саха хомуһун уһанар буоларын быһаарар. Оттон ХИФУ 2-с кууруһун устудьуона Айталаана Попова 4-с кылаастан тимир уһаарыытынан дьарыктанар. Билигин Роман Готовцевка быһах уһаныытыгар үөрэнэ сылдьар.
Айталаана Попова, тимир ууһа: «Саха сатаабата суох. Оннооҕор кыыс тимиринэн уһаныан сөп. Төрүттэрбэр тимир уустара суох этилэр, гынан баран мас уустара бааллар».
Билигин Саха сиригэр тимир уустарын сойууһугар уопсайа 60 киһи баар. Сыл аайы араас быыстапкалары, күрэхтэри тэрийэн саха төрүт үнүстүрүмүөнүн киэҥ эйгэҕэ ааттаталлар.
Саха хомуһун патеннаан хомус Дойду эрэ буолбакка, Аан дойду таһымыгар тахсан, бренд быһыытынан сайдар кыахтанар. Уонна уустар бэйэлэрин оҥорон таһаарар өҥөлөрө ордук сыаналанар буоларыгар улахан өҥөлөөх. Уустар сойуустарын испииһэгэр киирэ сылдьар эрэ буоллаҕына, бу киһи саха быһаҕын, хомуһун оҥорор уонна атыылыыр кыахтанна. Бу испииһэккэ хайдах киирэр туһунан Екатерина Романова кэпсээтэ.
Екатерина Романова, СӨ патеннааһыҥҥа боломуочуйалааҕа: «Сойуус эрэ чилиэннэрэ оҥороллор диэн буолбатах. Хас биирдии саха быһаҕын табаар быһыытынан оҥорон таһаарар киһи, уус ылыан сөп. Сайабылыанньа суруйан бигэргэтэн тимир уустар сойуустарыттан ыспыраапка ылан туттуон сөп».
Үйэлээх докумуон оҥоһуллан, саха уустарыгар үөрүүлээх түгэни бэлэхтээтэ. Амынньыкы Уус, Кылыадьы Уус уонна да атын аатырбыт уустар сатабыллара билигин Роман Готовцевка салҕанар. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ өбүгэ үгэһин ситимниир ураты дьарык билигин сокуонунан көмүскэнэр кыахтанна.