Сири туһанааччылар Саха сиригэр бизоннар тэнийэллэригэр сүдү кылааты киллэрэллэр
Главное
-
28 ноября в 15:05Трудовая адаптация. В исправительной колонии Якутска запустили производство школьных парт
-
28 ноября в 14:25Рожденные в День матери. В Якутске прошла торжественная выписка 16 малышей
-
28 ноября в 14:08В Якутии определили порядок субсидирования строительства автомобильных газовых станций
-
28 ноября в 13:56Зима начинается с Якутии. В столице республики проходит конкурс ледовых скульптур
Үөрүүлээх түгэн тосхойон саҥа УАЗ массыына күлүүһэ экология министиэристибэтин бэрэстэбииттэллэригэр туттарыллар. Иркутскайдааҕы ниэби хостуур тэрилтэ "Саха сирин киин өттүгэр тыа бизоннарын ууһатыы" диэн ааттаах аан дойдутааҕы бырайыакка кыттыһан, үлэтин бастакы хардыытын оҥордо.
Николай Додохов, СӨ экология министиэристибэтин миниистирин солбуйааччы: «Биһиэхэ саҥа УАЗ массыына биэрдилэр. Пааркабыт эргэрэр, ол иһин маннык көмөлөһөллөрө үчүгэй. Быйыл 13 мөл. тахса харчыны биэрэннэр бизоннар вольердарын саҥардыахтаахпыт».
Саҥа тимир көлө анаан-минээн киһи мээнэ тиийбэт сиригэр ананан таҥыллыбыт. Онон айылҕа харыстабылын үлэһиттэригэр бу бэртээхэй бэлэх. Күлүүс үс илиинэн баран, дьэ дьиҥнээх хаһаайыттарга туттарыллар. Саамай долгутуулаах түгэн - хаһаайын аан бастакытын массыынаҕа олорор.
Сергей Егоров, СӨ биологическай ресурсаларын салалтатын салайааччыта: «Маннык бэлэмнэммит массыынаны күүпүппүт ыраатта. Былааммытынан Хаҥалас, Горнай, Сунтаар, Өлүөхүмэ улуустарыгар тиийиэхтээхпит. Онно босхо сылдьар кыылларбытыгар сирдэрин бэлэмниибит. Онно боростуой массыына тиийэрэ уустук».
Бизоннар Саха сиригэр 2006 сыллаахха аҕалан олохсуйулубуттара. Ол кэмтэн ыла Евразия континеныгар, чуолаан биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ураты суолталаах эскперимент саҕаламмыта. Бизон аан дойдуга саамай сэдэх, сүтэн эрэр кыыллартан биирдэстэрэ. Тыа бизона Канаадаҕа эрэ баар, онно 4 тыһыынча кэриҥэ төбө баара биллэр. Канаадалар бу иннинэ бизону кимиэхэ да буор босхо биэрэ иликтэрэ.
Яков Сивцев, СӨ биологическай ресурсаларын, ураты харыстанар сирдэрин уонна айылҕа пааркаларын дирекциятын салайааччыта: «2006 сыллаахха бастакы 30 бизон аҕалбыппыт. Билигин 4-э аҕаллыбыт. Бу аан дойдутааҕы бырайыак улахан суолталаах. Айылҕаны туһанар тэрилтэлэр көмөлөһөллөрө биһигини үөрдэр».
Сири туһанааччылары кытары бырайыак бастакы хардыыта оҥоһулунна. Салгыы Горнайга Наача диэн ааттах сиргэ опорнай пуун, Сунтаар улууһун Намана үрэҕэр бизоннары хаайар сир тутуллуоҕа. Уонна биир улахан үлэ бизоннары көһөрүүгэ үлэ ыытыллыаҕа.