Өрөспүүбүлүкэ киин улуустарыгар хортуоппуй олордуута буолла
Главное
-
28 ноября в 15:05Трудовая адаптация. В исправительной колонии Якутска запустили производство школьных парт
-
28 ноября в 14:25Рожденные в День матери. В Якутске прошла торжественная выписка 16 малышей
-
28 ноября в 14:08В Якутии определили порядок субсидирования строительства автомобильных газовых станций
-
28 ноября в 13:56Зима начинается с Якутии. В столице республики проходит конкурс ледовых скульптур
Жирковтар улахан дьиэ кэргэн хортуоппуй олордуутугар бэлэмнэнэллэр. Бу суол оҥорор диэн ааттаах кирээккэ оҥорору эһэлэрэ Иван Михайлович муҥутуур эдэр сааһыгар сылдьан оҥорбут тиэхиньикэтэ. Күн бүгүн сиэннэрэ, хос сиэннэрэ эһэлэрин туйахтарын хатаран хортуоппуй ыһыытын Хатас нэһилиэгэр саамай үчүгэйдик сатыыллар. Эрдэттэн тараахтар тиэрбит сирин хоннорон, сынньатан баран сарсыныгар ыһаллар. Улахан үлэһит дьиэ кэргэн саамай тутаах кыыһа, Валентина, кыра көмөлөһөөччүлэригэр ыйар-кэрдэр, үөрэтэр.
Валентина Куприянова, Хатас нэһилиэгин олохтооҕо: «Төрөппүттэрбит билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олоролло эккиэн. Урут кинилэр биһигини хааччыйар этилэр оҕуруот аһынан, аны билигин биһи уочараппыт».
Иван уонна Аксинья Жирковатар Арассыыйа 100 бастыҥ ыалынан ааттаммыттара. Билигин ону иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэннэрэ туоһулуур. Хос сиэннэрэ Витя Николаев бастакы кылааһы бүтэрэн, номнуо хос эбээ, хос эһээ туттаах киһитэ. Сарсыарда эрдэ туран, хортуоппуй олорсо барабын диэн тылланан билигин оҕуруот үлэтигэр тиритэ-хорута сылдьар.
Витя Николаев, Хатас нэһилиэгин олохтооҕо: «Мин эһээлээхпэр хортуоппуй олордорго көмөлөһөбүн».
Эһэлэрэ билигин көннөрү ыраахтан күлүк сиргэ олорон кэтиир эрэ, ол да буоллар бары эһээ кытаанах хонторуолугар сылдьалларын умнубаттар.
Жирковтар дьиэ кэргэн сарсыардаттан киэһээҥҥи диэри үлэҕэ умса түспүт дьон буолаллар, ол үтүө холобуру сирдэтинэн билигин хас эмэ көлүөнэҕэ тиийэ хортуоппуй үүннэриитин кыайа туталлар. 77-с сааһыгар сылдьар Хатас бочуоттаах олохтооҕо саамай быйаҥнаах дьылын туһунан кэпсээтэ.
Иван Жирков, Хатас нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо: «Хортуоппуй үүннэрбитим ыраатта. Саамай үрдээбитэ 181 центнери үүннэрбитим».
Куруук үүннэрэр сиргэр сириҥ буора куруук сымнаҕас уонна хортуоппуйу үүннэрэргэ табыгастаах буолар. Бу тиэргэҥҥэ олорбуттара быданнаабыт буолан, Хатас быйаҥнаах сирэ бэйэтэ табарга дылы диэн дьиэ кэргэн бэлиэтээтэ.
Майя Николаева, Хатас нэһилиэгин олохтооҕо: «Сыл аайы үгэс курдук кэлэн маннык олордобут. Көмө-ама буолабыт».
Хортуоппуй сиригэр 6 киһи үлэлиир. Үс эрээтинэн үллэстэн, биирдэрэ түөрэн биэрэр, иккиһэ хортуоппуйу быраҕар. Бу курдук үлэлээн бэрт аҕыйах мүнүүтэ иһигэр дьиэ кэргэн сыл тахсар аһа олордулунна.