Нам улууһугар халаан уутугар эмсэҕэлээбит нэһилиэктэргэ сүрүн үлэлэр түмүктэнилэр

121

Иннокентий Винокуров Нам Хатырыгын саамай аҕа саастаах олохтооҕо. Ытык кырдьаҕас этэринэн 96 сыл олорбутун тухары биирдэ даҕаны халаан уута бу курдук үрдээбитин өйдөөбөт. Быйыл уу дьиэтин муостатын 30-40 см саппыт. Дьиэ муостата бүтүннүү сиигирэн маһа эмэх буолбут, дьиэ хаһаайынын сиэнэ куораттан кэллиэгэлэрин кытта кэлэ муоста уларытыытыгар көмө буола сылдьар.

Иннокентий Винокуров, Хатырык олохтооҕо: «Бастаан алдьархай ыарахан кэмнэр этилэр. Үйэм тухары маннык ууну көрө иликпин. 1962 сыллаахха уу кэлбитэ, маннааҕар кыра этэ».

Иннокентий Афанасьевич уола Александр Винокуров аттынааҕы тиэргэҥҥэ олорор. Кини дьиэтин муостатын эмиэ уларытыытын үлэтин үгэнигэр сылдьар. Туох баар тиэхиникэтэ, мала-сала барыта ууга былдьанан өссө даҕаны ситэри куура илик. Хата сүөһүтэ булгунньах үрдүгэр тахсан быыһаммыт. Онон Таҥара көмөтүнэн биир даҕаны хороҕор муостааҕын сүтэрбэтэх. Ол эрэн үөр сылгыта барыта хомойуох иһин суорума суоламмыт.

Александр Винокуров, Хатырык олохтооҕо: «Хата алдьархай көмөлөһө сатаатылар, гуманитарнай көмө, босхо уу. Элбэх көмөлөрө».

Халаан уута хороҕор муостаах аһын-үөлүн эмиэ буортулаабыт. Винокуровтар былырыын сайын оттообут отторо билигин барыта кэриэтэ буорту буолан турар. Онон сүөһүнү аһаталларыгар эмиэ үгүс кыһалҕалары көрүстүлэр.

Ыксаллаах Быһыы-Майгы министиэристибэтин байыастара үлэлэрин түмүктээн Нам улууһуттан туруннулар. Халаан уута нэһилиэктэри таарыйбытын кэнниттэн тутатына маҥнайгы күннэртэн үлэлэрин саҕалаан туох баар туруоруллубут сыаллары-соруктары ситистилэр.

Иван Жирков, ЫБММ куораттааҕы баһаарынай-быыһыыр чаас сүрүн инструктора: «Биһи чааспытыттан 50-ча киһи сылдьар. Атын сулууспалартан эмиэ бааллар – элбэхпит. 10-тан тахса тиэхиникэ үлэлии сылдьар».

Олох тэтимэ төттөрү уруккутугар төннөрүгэр биллэн турар олохтоохтору үгүс үлэ уонна бириэмэ күүтэр. Онон төһө даҕаны халаан уута түспүтүн үрдүнэн эмсэҕэлээбит дьон-сэргэн үгүс күүскэ-көмөҕө наадыйаллар.