Саха өрөспүүбүлүкэтигэр сири ылан туһаныыга бэрэбиэркэ саҕаланна
Главное
-
28 ноября в 15:05Трудовая адаптация. В исправительной колонии Якутска запустили производство школьных парт
-
28 ноября в 14:25Рожденные в День матери. В Якутске прошла торжественная выписка 16 малышей
-
28 ноября в 14:08В Якутии определили порядок субсидирования строительства автомобильных газовых станций
-
28 ноября в 13:56Зима начинается с Якутии. В столице республики проходит конкурс ледовых скульптур
Россельхознадзор үлэһиттэрэ бааһына үрдүнэн дрон ыытан, сир иэнин хаартыскааҕа түһэрэллэр. Бу туоһуну прокуратураҕа илдьиттииллэр, ол кэннэ дьыала тэрийэр түгэннэригэр хаартысканан, видеонан бигэргэтиллибит докумуону көрөллөр. Ыам ыйын саҕаланыаҕыттан атырдьах ыйа бүтүөр диэри, бэриллибит болдьоххо, бааһына хаһаайыттара булгуччу сирдэрин бэлэмнээн үлэҕэ таһаарбыт буолуохтаахтар.
Ойуур баһаара тахсарыгар бу маннык, тиэриллибиэтэх, сирдэр улахан кутталы үөскэтэллэр. Кураанах отунан уот түргэнник тарҕанан дьон олорор сиригэр тиийиэн сөп. Ол иһин кытаанах хонтуруол барар. Россельхознадзор иниспиэктэрдэрэ анал сир иэнин кээмэйдиир тэрилинэн сэтиэнэх хойуутук тарҕаммыт сирдэрин бэрэбиэркэлииллэр.
Дмитрий Афанасьев, Россельхознадзор СС салаатын иниспиэктэрэ: «Сайыҥҥы ыйдарга ЫБММ кытта кэрийэн көрөбүт. Үксэ туттуллубат сирдэр хаһаайына суох буолаллар. Улуус аайы туттуллубат бааһыналар бааллар».
Ыам ыйыгар илин эҥээр уонна куорат аттынааҕы нэһилиэктэргэ хонтуруол үлэтэ бара турар. Уопсайа 1900 гектар сиргэ 80-ча бааһына бэрэбиэркэлэннэ. Оттон бэс ыйыттан Бүлүү бөлөх улуустарыгар барыахтара. Өскөтүн бааһынаны бэйэтин аатыгар суруйтаран баран, туһаммат киһи бэйэтин улууһун муниципальнай бас билии салалта кэмитиэтигэр баран, аккаастатыан сөп.
Юрий Матвеев, Россельхознадзор СС салаатын иниспиэктэрэ: «Табаҕа үрдүгэр кэлэн турабыт. Бу бааһына туттуллубат, отунан-маһынан үүнэн турар эбит».
Билигин Дьокуускай куоракка уонна кини эргин сытар нэһилиэктэргэ уопсайа 3000га сир ыһыыга бэлэмнэнэн турар. Онтон 350га туорахтаах култуура. Билиҥҥи туругунан 53 бырыһыан туорахтаах култуура ыһыллан турар. 100 гектар эбиэс, 60 гектар эчимиэн, 20 гектар сэлиэһинэй, оттон хортуоппуй ыһыытыгар 1200 гектар сир бэлэмнэнэн турар, бүгүҥҥү туругунан 26 бырыһыан хортуоопуй номнуо ыһылынна. Бу туһунан Дьокуускай уоукуругун сүрүн агронома иһитиннэрдэ.
Егор Андреев, Дьокуускай уокуругун сүрүн агронома: «Таһырдьа үүнэр оҕуруот аһа биһиэхэ үүнэр. Онно 17 хаһаайыстыба дьарыктанар. Уопсай ыһыыбытыгар 404га. Күн бүгүн 16,2га моркуоп ыһылынна, 12,2га сүбүөкүлэ, 1,5га хаппыыста уонна 2,5га атын оҕуруот астара».
Туох баар улахан хаһаайыстыбалар бары Дьокуускай уокурук тыа хаһаайыстыбатын кытаанах бэрэбиэркэтигэр сылдьаллар. Бу өрөбүллэргэ маассабай сиэмэ олордуута саҕаланан, үгүс дьон оҕуруот аһын ыһыытыгар тахсыаҕа.