Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2№-дээх балыыһаҕа саҥа тиэхиньикэ кэллэ

115

Хирург хас биирдии хамсаныыта экраҥҥа көстө турар. Саҥа аппараат муҥутуур үрдүк 4К хаачыстыбаны көрдөрөр кыахтаах. Онон ЛОР уорганнарга оҥоһуллар уустук эпэрээссийэлэргэ хурург кыаҕын өссө кэҥэтэр,  быдан түргэнник уонна киһи доруобуйатыгар улахан охсуута суох ааһар буоллулар. Саҥа аппараакка хоҥоруута токуруйуулаах уонна сүүһүгэр искэҥнээх дьахтары оҥороллор. Эрдэ маннык түгэҥҥэ киһи төбөтүн уҥуоҕун арыйан эрэ баран ыарыыны ылаллара. Оттон билигин мурун иһинэн киирэн, кыра камера нөҥүө көрөн туран оҥоһуллар буолла.

Пётр Николаев, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2№-дээх балыыһа ЛОР салаатын хирург бырааһа: «Эпэрээссийэбит 3 таһымынан ааста. Саҥа тиэхиньикэ кэлэн эппэрээссийэ түргэнник ааһар уонна ыарыһахха үчүгэй буолар».

Уопуттаах хирургтар табыгастаах тиэхиньикэ кэлэн өссө сатабыллаахтык түргэнник-тарҕаннык тутталлар. Камера нөҥүө эпэрээссийэлээһин Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2№-дээх балыыһаҕа 2006 сылтан туһаныллар. Онтон  бу үһүс аппараат бу эйгэҕэ саамай бүтэһик уонна аныгы. Эппэрээссийэ кэмэ ортотунан чаас курдук буолар, бу олус үчүгэй көрдөрүү. Ол эрэн саамай сүрүнэ киһи доруобуйатыгар улахан охсууну, кээһэниини оҥорбокко эрэ хирургтар үлэлииллэр.

Иннокентий Тастыгин, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2№-дээх балыыһа ЛОР салаатын сэбиэдиссэйэ: «Биһиэхэ саҥа эндоскопическай стойка кэлбитэ. Ол кэлэн эмтэнээччилэрбит түргэнник үтүөрэллэр».

Саҥа тиэхиньикэ өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа иһинэн үлэлиир "оборуудабанньаны саҥардыы" бырайыагын иһинэн ылыллыбыт. Онон эндоскопия стойката диэн саҥа тиэхиньикэ кэлиитэ Саха сиригэр ЛОР хирургиятын саҥа таһымҥа таһаарда. Күҥҥэ ортотунан 3-5 эпэрээссийэ оҥоһуллар. Киһи доруобуйатыгар улахан охсуута суох буолан чөлүгэр түһүү эмиэ, биллэн турар, түргэн. Ол иһин эпэрээссийэ кэннэ аҕыйах хонугунан дьиэлэригэр тахсаллар.

Розалия Эверстова, ЛОР салаатын аҕа сиэстэрэтэ: «Саҥа стойка кэлэн ыарыһахтарбыт 4 эрэ күн сыталар».

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2№-дээх балыыһа ЛОР салаата төгүрүк суукка нэһилиэнньэҕэ көмө оҥорор. Манна үрдүк хаачыстыбалаах суһал уонна былааннаах эпэрээссийэлэр муннуга, күөмэйгэ уонна кулгаахха ыытыллаллар.