"Боотур" байыастарын анал байыаннай дьайыыга атаарыы буолла

98

20-тэн тахса байыас аҕа дойдуларын чиэһин көмүскүү бараары номнуо кынаттарын куурдан тураллар. Биир киһи курдук бары баҕа санааларын күүһүнэн анал байыаннай дьайыыга турунаары бэлэмнэр.

"Тоз" диэн ыҥырыллар ааттаах байыас анал байыаннай дьайыыга маҥнайгытын турунан эрэр. "Боотур" кииҥҥэ үгүс дьарыгы, тустаах бэлэмнэниини ааспыт. Икки ый устата иҥэриммит билиим уонна сатабылым күүс-көмө буолуохтара диэн бигэ эрэллээх. Байыаһы кэргэнэ уонна оҕото атаара кэлбиттэр.

"Тоз", "Боотур" 15-с этэрээтин байыаһа: «Икки ый бэлэмнэнним. Бары өттүттэн дьарыктаатылар».

Ийэлэр түмсүүлэрэ туора туран хаалбакка "Боотур" байыастарын атаарыыгар кыттыстылар, этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр алгыс тылларын анаатылар.

Вероника Семёнова, ийэлэр түмсүүлэрин чилиэнэ: «Кинилэр этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабыт. Эйэлээх олох кэлэрин туһугар үлэлии хамсыы сылдьыахпыт».

Ону таһынан анал байыаннай дьайыыга хаһыс даҕаны төгүлүн кыттыыны ыла сылдьыбыт бэтэрээннэр кэлэн атаардылар. Уопуттаах байыастар саҥа барааччыларга сүбэлэрин-амаларын анаатылар. 15-с этэрээт уолаттара барытыгар номнуо бэлэмнэр уонна үгүс ситиһиилээх эргиллиэхтэрэ диэн билэ саныыллар.

Максим Иванов, Анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ: «15-с этэрээт үчүгэйдик сылдьан кэлиэҕэ. Боотурунан хас да сүүс уол Украинаны биир гына эргийэн кэллилэр. Үөрэтээччилэр бары эргиллэн кэлбит дьоннор».

Байыастар бэйэлэрэ этэллэринэн кыайыы эрэ туһугар бараллар. Этэҥҥэ төрөөбүт дойдубутугар, аҕа дойдубутун дьоһуннаахтык көмүскээн, эргиллэн кэлиэхпит диэн эрэллээхтэр.

"Тоз", "Боотур" 15-с этэрээтин байыаһа: «Улахан долгуйуу суох. Буойун соругун толорон этэҥҥэ кэлиэхпит».

Байыастар уруй-айхал тылларын эппитинэн айаҥҥа турунаары бэлэмнэр. Хас биирдиилэригэр дойдуларын чиэстээхтик көмүскээн этэҥҥэ эргиллэн кэлэр баҕа санаа күүстээх. Кинилэри доҕотторо-атастара, чугас аймахтара алаһа дьиэлэригэр көһүтэллэр.