Айар-тутар дьоҕурдаахтар аан бастакыларын киин куоракка түмүстүлэр
Главное
-
28 ноября в 15:05Трудовая адаптация. В исправительной колонии Якутска запустили производство школьных парт
-
28 ноября в 14:25Рожденные в День матери. В Якутске прошла торжественная выписка 16 малышей
-
28 ноября в 14:08В Якутии определили порядок субсидирования строительства автомобильных газовых станций
-
28 ноября в 13:56Зима начинается с Якутии. В столице республики проходит конкурс ледовых скульптур
"Лекторий" саалаҕа киинэ эйгэтигэр сыһыаннаах дьон-сэргэ, cаха киинэтин сэҥээрэччиллэр муһуннулар. Өрөспүүбүлүкэбит үтүөлээх артыыската, ырыаһыт Валентина Романова - Чыскыырай бүгүҥҥү дьылабыай сессияҕа ааптардар бырааптарын көмүскүүр түһүлгэҕэ кэлэн элбэх туһалаах сүбэлэри-амалары биллэ-көрдө, иһиттэ. Кини "Куйаар ырыата" бырайыагар бу олус интириэһинэй былассаакка буолан биэрдэ.
Валентина Романова-Чыскыырай, СӨ үтүөлээх артыыската: «Ааптарскай бырайыакпын сокуонунан көмүскэтэр санаалаахпын. Биһи айар дьон сокуонунан көмүскэл диэни билбэппит. Уорааһынтан плагиаттааһынтан көмүскэллээх буолуохтаахпыт».
Чахчы, билиҥҥи үйэҕэ, күннэтэ сүүһүнэн ырыа, тэттик видеолар, киинэлэр чочуллан тахсар кэмнэригэр ааптардар харысхаллаах буолаллара тоҕоостоох диэн бүгүҥҥү дьылабыай сессия экспиэртэрэ тоһоҕолоон эттилэр. Бүгүҥҥү түһүлгэҕэ ааптардар угуйук сокуонугар үлэлэһэр исписэлиистэри кытары көрсөн, атах тэпсэн олорон ирэ-хоро кэпсэттилэр, интириэһиргиир ыйытыыларын биэрдилэр.
Анастасия Старостина, "Айар Дабаан" тэрээһин кыттааччыта: «Бу нэдиэлэни мүлчү тутуман. Лекцияларга сылдьыҥ. Арассыыйа саамай айар дьоҕурдаах эрэгийиэнигэр бу олус туһалаах».
Саҥа сүүрээн тэрээһин креатив кластерынан уонна урбаан-эргиэн, туризм министиэристибэтин көҕүлээһиннэринэн буолла. Аан бастакытын ураты көрүүлээх айар куттаахтар нэдиэлэлэрэ ыытыллан, салгыы үгэскэ кубулуйан сыллата ыытыллара күүтүллэр.
Анна Егорова, "Айар Дабаан" тэрээһин тэрийээччитэ: «Айар дьоҕурдаах дьоннору биир сиргэ муһан быраап өттүнэн быһаарабыт, туох наадатын кэпсиибит».
Айар кут абылаҥар сылдьар дьоҥҥо дьэ бу бэртээхэй тэрээһин. Бу эйгэҕэ сыһыаннаах дьон сокуонунан көмүскэли, дизайнердар хайдах барылынан үлэлиири биир халыып оҥорон салгыы үлэлэһэллэрин ырытыстылар.