Талба талааннаахтар Саха халадаайын күнүгэр түмүстүлэр

93

Самаан сайын салаллан кэлэн, Дьокуускай куоракка сайылыыр кэрэ аҥаардарга сайылык сытын санатар, ыһыах чугаһаабыт сибикитин биллэрэр Халадаайы көрүү-истии тэрээһинэ ыытылынна. Саха халадаайын устуоруйатын туһунан Емельян Ярославскай аатынан түмэл чинчийээччилэрэ кэпсээтилэр. Норуот маастара Азияна Хаплампьева билигин ордук хайдах халадаайдары дьон сэҥээрэрин иһитиннэрдэ.

Азияна Харлампьева, СӨ уус-уран оҥоһуктарга норуот маастара: "Билигин сүрүн болҕомтону халадаай байбаратыгар ууруохха сөп. Холобура, мин таҥас түөрт иэнин уурабын. Саннын хайаан да кыччатабын, тоҕо диэтэххэ дьогдьуура улаатан тахсар".

Бу курдук интэриэһинэй иһитиннэриилэри норуот маастардара саҥа саҕалаан иһэр иистэнньэҥнэргэ сүбэлээтилэр. Күн аайы кэтэргэ сибэккилээх халадаайдар билигин үрдүк болҕомтоҕо сылдьаллар. Саха сирин куйааһыгар сөп түбэһиннэрэн,  билигин дьахталлар ордук шелк уонна шифон матырыйаалыттан ырбаахы оҥостоллор.

"Саха Далбар Хотуттара бу кэмтэн ыла ыаһыахха бэлэмнэниибитин кыралаан саҕалаатыбыт. Биллэн турар, кыыс күүтэр ыһыаҕы саҥа таҥас таҥнаары", - диэн корреспондент Уйгулаана Николаева дьэрэкээн халадаайдар быыстарыгар сылдьан этэр.

Эгэлгэ моһуоннаах ырбаахылары тигиигэ маастар кылаас ыытылынна. Хас биирдиилэригэр тус туһунан киэби биэрэн, ымпыгар-чымпыгар тиийэ үөрэттилэр. Саха дьахтарыгар сүрэҕин-быарын түгэҕэр син биир иистээньэҥэ олорор, ону сөптөөх кэмигэр уһугуннарыахха эрэ наада диэн бэлиэтээтилэр.

Эргэ куорат түһүлгэтигэр мустубут дьоҥҥо-сэргэҕэ саха төрүт аһын астаан күндүлээтилэр. Симэх уус-уран айымньытын дьиэтин эр дьоно кус миинэ, хаан, саламаат, быырпах оҥорон үөртүлэр. Бу тэрээһиҥҥэ кэлбит дьоҥҥо ыһыаҕы санатта.

Дмитрий Колодезников, СӨ норуотун маастара: "Эргэ куоракка миин сыта дыргыйбыта олус үчүгэй. Туматын уонна хортуоскатын кутарым хаалла. Сарсыарда эрдэ туран оҥорбут лапсабын онтон эбиэм".

Амма улууһугар буолаары турар Олоҥхо ыһыаҕын уонна Туймаада хочотун ыһыаҕын көрсө бу тэрээһин ыытылынна.

Яна Игнатьева, "Симэх" национальнай киин дириэктэрэ: "Саха таҥаһын туһунан элбэхтик кэпсэтиэхпит уонна  быыстапка-дьаарбаҥка буолуоҕа. Манна биһигини кытта үлэлии сылдьаллар Саха түмэлин үлэһиттэрэ. Кинилэр маастардарга халадаай туһунан лекция ааҕыахтара".

Ыһыахтар саҕаланыахтарыгар диэри "Симэх" национальнай киинигэр саха таҥаһыгар аналлаах элбэх тэрээһин ыытыллыаҕа. Кылгас сайыны уруйдуу, билиҥҥиттэн дьон-сэргэ тоҕуоруһар түһүлгэтигэр, үрүҥ-тунах ыһыахха бэлэинэнии номнуо саҕаланна.