Оһуохай күнэ оскуоланы бүтэрээччилэргэ ананна

92

Кыратыттан саҕалаан аҕа саастааҕыгар диэри дьон-сэргэ саха төрүт үҥкүүтүн уруйдуур-айхаллыр. Сүүсчэкэнэн ахсааннаах киһи оһуохай түһүлгэтин тэрийэн биир турукка киирдэ, ырыа-тойук аргыстаах үҥкүүгэ түһүннэ.

«Саха дьоно илии-илииттэн тутуһан, сарын-сарынтан өйөнсөн төрөөбүт төрүт тылбыт баайын-дуолун дуораттылар, оһуохай уран тылын эттилэр. Саха түмэлин аттыгар үгүс киһи түмсэн саха төрүт үҥкүүтүн оройуттан тутта», - диэн корреспондент Алексей Решетников оһуохайга эргийэ сылдьан эттэ. 

Быйыл аан маҥнайгытын Ил Дархан ыйааҕынан олохтоммут Оһуохай күнүн саха дьоно бэлиэтээтэ. Дьон-сэргэ бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сахалыы таҥаһынан, араас киэргэлинэн симэнэн бэлиэ күҥҥэ таҕыста. Оһуохай хайдах үөскээбитин, историяны сэгэтэн СӨ үтүөлээх этээччитэ Аскалон Егоров кэпсиир.

Аскалон Егоров, СӨ үтүөлээх этээччитэ: "Сахалар бастаан ыйы-күнү тэҥҥэ тутан бастаан оһуохайдаабыттар быһылаах дии саныыбыт. Онтон сайдан үүнэн бэйэтэ туспа кылыһахтаах, улуус аайы туспа хамсаныылаах  үҥкүү буолан тахсыбыт".

Өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыгар оскуоланы бүтэрээччилэр тиһэх чуорааннарын төрүт үҥкүүнэн киэргэттилэр. Холобур, Дьокуускайдааҕы 5№-дээх орто оскуола бэтэрээн учуутала Агния Анатольевна оһуохай тылын бэлиэ тэрээһиҥҥэ таһаарда. Учууталлар этэллэринэн оҕо төрүт култуура эйгэтигэр сыстарыгар оһуохай сүрүн күүс буолар.

Алексей Семёнов, Дьокуускайдааҕы 5-дээх орто оскуола дириэктэрэ: "Оҕолорбутугар көлүөнэ нөҥүө бэйэлэрин култуураларын билэллэрин инниттэн Ил Дархан уурааҕа олоххо киирбититтэн олус диэн үөрэбит. Тиһэх чуорааны оһуохайынан түмүктүүбүт".

Оһуохай күнүн чэрчитинэн Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл "Такой разный осуохай" диэн оскуола оҕолоругар анаан маастар кылаас ыытта. Сир ахсын оһуохай көрүҥэ араас буолуоҕун сөп. Ол курдук Бүлүүлүү, Аммалыы, Найахылыы, Таатталыы уонна Хаҥаластыы оһуохай көрүҥнэрин кытта онус уонна сүүрбэ үһүс осуолалар үөрэнээччилэрэ билистилэр. Маастар кылааһы иилээн-саҕалаан Жирков аатынан музыкальнай колледж уһуйааччылара ыыттылар.

Варвара Степанова, М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы колледж фольклорга салаатын уһуйааччыта: "Хас биирдии саха оҕото оһуохайга, тойукка сытан бардаҕына омук быһыытынан култууралаах эбиппит диэн өйдөбүл хаалара буолуо дии саныыбын. Оҕону төрүт дьарыкка сыһыарар олус туһалаах уонна киһи сэргии көрөр".

Оһуохай күнүн сылын ахсын бэлиэтиири ситиһэргэ күүс-көмө буолбут дьоҥҥо-сэргэҕэ итэҕэли түстүүр үҥкүүнү сэргээччилэр махталлара муҥура суох.

Александр Данилов, "Оһуохай" түмсүү салайааччыта: "Бу күн саханы саха оҥорор. Саха киһитин сахалыы тыынын уһугуннаран, сахалыы хамсатар. Оһуохай күнүнэн барыларын эҕэрдэлиибин".

Аскалон Егоров, СӨ үтүөлээх этээччитэ: "Саха сирин олохтоохторун Оһуохай күнүнэн эҕэрдэлиибин. Саха оһуохайыгар уруй!".

Оһуохай күнэ тиһигин быспакка салгыы даҕаны кэлэр сыллар тухары ыытылла турар тустаах.