Дьокуускайга археологическай хаһыы саҕаланна
Главное
-
28 ноября в 15:05Трудовая адаптация. В исправительной колонии Якутска запустили производство школьных парт
-
28 ноября в 14:25Рожденные в День матери. В Якутске прошла торжественная выписка 16 малышей
-
28 ноября в 14:08В Якутии определили порядок субсидирования строительства автомобильных газовых станций
-
28 ноября в 13:56Зима начинается с Якутии. В столице республики проходит конкурс ледовых скульптур
Норуокка биллэринэн, уруккута "Чароит ресторан", эстрада тыйаатырын дьиэтин, оттон дьиҥэ олох былыр Троицкай собор эргин сир - куорат килбэйэр киинэ этэ. Дьокуускай олохтоноругар тутуллубут хас да башнялардаах остуруок кириэппэс манна, бу сиргэ турбута. 2013 сыллахха археологтар бөлөхтөрө бэрэбиэркэ-чинчийии оҥорон баран биир түмүккэ кэлбиттэрэ.
Гаврил Терентьев, культурнай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин харыстыыр департамент салайааччыта: "Алта дьөлө хаһыы оҥорон баран култуурунай дьапталҕата улахан эбит диэн эппиттэрэ. Онон туох эмэ тутуу барар түгэнигэр туох баар архелогическай эттиктэр барыта хостонуохтаахтар. Онуоха биһиги иэнин бигэргэппиппит. Доҕордоһуу болуоссатыттан саҕалаан бу хаһыы бара турар сирин хабар".
Ааспыт нэдиэлэттэн саҕалаан манна археологическай хаһыыларга бэлэмнэнии ыытыллар. Геодезическай үлэ кэннэ, улахан тиэхиньикэ 20 үйэ бүтүүтэ 21 саҥатынааҕы техногеннай араҥаны хостуур. Экскаватор солоон, хаһан сири бэлэмниир. Тиэхиньикэни тэҥэ илии үлэтэ эмиэ ирдэнэр. Дмитрий Скрябин Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет историческай факультетын магистрана.
Дмитрий Скрябин, ХИФУ историческай факультет магистрана: "Куорат сиргэ буолан култуурунай дьапталҕата элбэх. Онон хаһыыта элбэх. Балайда дириҥи хаһарбыт буолуо".
Археологическай хаһыы үлэлэрин барытын туһааннаах бөлөх сүрүннүүр. Ханты-Мансийскайтан Сибииргэ бөдөҥ археологическай тэрилтэ кэлэн үлэлэһэ сылдьар. Бөлөххө Саха сирин учуонайдара, археологтара, музей, архыып үлэһиттэрэ, университет устудьуоннара киирсэллэр.
Иван Фролов, "Северная археология -1" тэрилтэ археолога: "Билигин техногеннай дьапталҕаны ылыы бара турар. Бастаан тихиньикэ үлэлиир. Онтон илиинэн хаһыыга киирэбит".
Хаһыы уустук үлэтигэр кыргыттартан, уолаттартан тутулуга суох бары лаппаакы тутуурдаах бииргэ үлэлииллэр. Валерия Алексеева историческай факультет иккис кууруһун устудьуона: "Сир анныгар саспыт урукку кэм кэрэһиттэрин булуу олус интэриэһинэй",- диэн санаатын үллэстэр.
Сотору кэминэн бу манна олорор дьиэ тутуллуохтаах, онтон сирэ археолоия пааматынньыгар киирсэр буолан, тутуу иннинэ бу булгуччулаах хаһыы үлэлэрэ ыытыллаллар. Өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ тутар хампаанньалартан биирдэстэрэ хаһыы үлэтигэр баҕалаахтары ыҥырар.
Анна Егорова, тутар хампаанньа быраап хайысхатыгар салайааччы: "Казахстаҥҥа үөрэнэ сылдьан хаһыыга кыттыбытым. Манна маҥнайгыбын сылдьабын. Бастакы үлэтэ ыарахан. Онтон хаһыы кэмигэр тэриллэри булуталаан бардахха олус интэриэһинэй үлэ".
Хаһыы үлэлэрэ, былаан быһыытынан биир сезон, ол эбэтэр алтынньы ыйга диэри барыахтара. Оттон Дьокуускай остуруок кириэппэһин акылаатын булумньуларын чаастарга арааран саамай сыаннастаахтарын салгыы харайыыга тиксэриэхтэрэ.