Саха түмэлигэр самаан сайыны көрүстүлэр
Главное
-
28 ноября в 15:05Трудовая адаптация. В исправительной колонии Якутска запустили производство школьных парт
-
28 ноября в 14:25Рожденные в День матери. В Якутске прошла торжественная выписка 16 малышей
-
28 ноября в 14:08В Якутии определили порядок субсидирования строительства автомобильных газовых станций
-
28 ноября в 13:56Зима начинается с Якутии. В столице республики проходит конкурс ледовых скульптур
Саха түмэлин тэлгэһэтигэр түптэ буруота унаарар, сахалыы сиэр-туом туолар. Итэҕэл быһыытынан Иэйиэхсит Хотун түстэҕинэ от-мас көҕөрөр, ас-үөл дэлэйэр. Алгысчыт Валентин Исаков уйгу сайыны Аан Алахчын Хотунтан көрдөһөр, сылаас тыынын буорга, салгыҥҥа иҥэрэрин ааттаһар. Күөххэ үктэнии алгыһын ылаары үгүс киһи тоҕуоруһа мустубут.
Октябрина Максимова, Ем. Ярославскай аатынан Саха түмэлин сырдатар, үөрэтэр салаатын сэбиэдиссэйэ: "Сайылык күнэ ылыллар буолуоҕуттан биһиги түмэлбит бу күнү бэлиэтиир. Быйыл иккис төгүлүн сайыны көрсүү тэрээһинин тэрийдибит. ".
Түмэл бу сырыыга бырагырааматын тупсарбыт, кэҥэппит. Этэҥҥэ дьылы тахсыы махталын, үүнэр дьылга баҕа санааны эриэн ситиигэ салама баайан көрдөһүллэр. Алгыс тыла этиллибитин кэннэ Ньукуолуннуу кэлбит дьон күн эргииринэн бу сиэри-туому толордулар. Ыччат дьоннуун, аҕам саастаах кырдьаҕастардыын кустук өҥнөөх саламаны баайан ытык сэргэлэри күрүөлээтилэр.
Саха түмэлэ билим үөрэҕэр тирэҕирэн үлэни ыытар. Сайыны көрсүү сиэрэ-туома эмиэ биллэр-көстөр фольклору үөрэтээччилэр бэлиэтээһиннэригэр, арыйыыларыгар олоҕурар. Түмэл өбүгэ үгэһин ыччакка тириэрдэр сүрүн соруктаах. Онуоха төрүт уонна аныгы олох хаамыытыгар сөп түбэһэр уларыйыылар уратыларын арааран көрүүгэ болҕомтону уурар. Онон самаан сайыны көрсүүгэ түмсүбүттэр ыраастаныы сиэрин-туомун таһынан билиилэригэр билии эбиннилэр. Холобур, чороон туһунан.
Василий Попов, Ем. Ярославскай аатынан Саха түмэлин археология уонна этнография салаатын салайааччыта: "Биһиги былыргы төрүт чорооммут быһыытын-таһаатын оһуордарын-мандардарын бу былыргы диэн арааран ыччаттарбытыгар, киэҥ эйгэҕэ тирирдэ иликпит. Билигин араас чорооннору оҥороллор, оҥордуннар. Ол атыы чороонноро. Араара үөрэниэхтээхтэр. Олох син биир салҕанан бара турар, сиэр-туом уларыйар, өйдөбүллэр эмиэ уларыйаллар. Ону барытын быһааран кэпсээн-ипсээн иһиэхтээхпит".
Саха итэҕэлинэн сааскы кэмтэн, кымыс кэмэ саҕаланыаҕыттан күһүҥҥэ диэри ыһыах ыһыахха сөп. Ол аата түөлбэ түөлбэ аайы мантан инньэ оһуохай оройуттан тутуллар
Сайыны көрсүү оһуохайа эмиэ үөрэтэр соруктаах буолла. Хас биирдии улуус үҥкүүтүн бэлбит дьоҥҥо билиһиннэрдилэр. Күөххэ үктэммит үөрүүнү, сайын кэлбитин бар дьон алгыс кэннэж оһуохайынан түмүктээтэ. Манна хас биирдии улуус оһуохайа дьиэрэйдэ. Аммалыы үҥкүүгэ эргийдилэр. Ону тэҥэ дьааҥылыы ойуттулар, бүлүүлүү оһуохайын оройуттан туттулар.