Нам улууһугар чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ саҕаланна

100

Ыам ыйын 18 күнэ өрөспүүбүлүкэ наҕыл олоҕун аймаата. Уу таһыма эмискэ олус түргэн тэтимнээхтик үрдээн, Нам улууһун Хатырык нэһилиэгин бүтүннүү ыллан үгүс дьону соһутта. Сорох сирдэринэн дьиэлэр сарайдара эрэ көстөр буолуор диэри уу халыйбыт. Урут хаһан даҕаны бу курдук уу таһыма үрдээбитин олохтоохтор өйдөөбөттөр. Вячеслав Данилов оруобуна өрөбүллэргэ төрөппүттэрин дьиэлэригэр сынньана кэлэ сырыттаҕына халаан уута ылан саҕалаабыт. Кыл мүччү сүөһүлэрбитин үрдүк сиргэ таһааран былдьаппатыбыт, ол да буоллар мал-сал чааһыгар сүтэбиппит элбэх диэн сэһэргээтэ.

Вячеслав Данилов, Хатырык олохтооҕо: «Чэйдии олордохпутуна кутан киирэн барбыта. Ким даҕаны итинник күүскэ кэлиэ диэн билбэтэҕэ. Арай түүн кэлбитэ буоллар хоромньу өссө улахан буолуо этэ. Иэдээн буолар. Күнүс даҕаны, көрөн туран, куоттарбыппыт элбэх».

Ыһыллан-тоҕуллан турар тиэргэн, дьиэ иһэ барыта уу, кир-хах, мал-сал барыта дьиэни биир гына ыһыллыбыт. Бу курдук хартыынаны Хатырык олохтооҕо Георгий Прокопьев дьиэтигэр кэлэн баран көрбүт. Уу кини ийэтин дьиэтин ким даҕаны суох эрдэҕинэ ылбыт. Уу таһыма намтаабытын кэннэ куораттан Хатырыкка тутатына дьиэтигэр кэлэн хомуйа, сууйа-тарыы сылдьар.

Георгий Прокопьев, Хатырык олохтооҕо: «Хаһан да маннык ылбатаҕа. Кыратык эклэн баран ааһыа дии сылдьыбыттара. Онтубут улаханнык кэлэн, туохпут барыта ууга барада».

Уу дьиэлэри эрэ буолбакка сорох сирдэринэн айан суолларын эмиэ алдьаппыт. Онон Нам олохтоохторо суолга-иискэ үгүс кыһалҕаны көрүстүлэр. Нам суолугар уопсайа 5 сиргэ уу хаарыйбыт, ол эрээри 4 сиригэр сатыы ол эбэтэр улахан тиэхиникэнэн туорохха сөп эбит буоллаҕына, 118 килэмиэтиригэр суол улаханнык алдьанан киһи тыынан эрэ туоруур кыахтаах.

Бу Нам улууһун Хатырыгыттан Маймаҕатыгар дылы барар суолга кэлэн турабыт. Көрөрбүт курдук суолу уу суурайан кэбиспит. Онон ханнык даҕаны тиэхиньикэ, сатыы киһи кыайан аннараа өттүтүгэр тиийбэт. Ол иһин  Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин үлэһиттэрэ тыынан дьону туораталлар

Оттон дьиэлэрэ ууга баран аһаҕас халлаан анныгар хаалбыт олохтоохтору Хатырык оскуолатыгар быстах олорор киин тэрийэн олордоллор. Онно аһынан үөлүнэн, быраас көрүүтүнэн толору хааччыйаллар. Билигин үгүс уустуктарга түбэһэн доруобуйалара кэхтибит киһи ахсаана элбии турар. Онон быраастар күн өрөбүлэ суох үлэ үгэнигэр сылдьаллар.

Елена Татаринова, быстах олорор киин бырааһа: «Төһө кыалларын күн бүгүҥҥэ диэри көмөлөһөн кэллибит. Дьон номнуо тымныйан ыалдьтан эрэр. Кыраадыстаах дьон бааллар».

Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит сирдэринэн Ил Дархан сырытта. Олохтоохтору кытта дьиэлэригэр киирэ сылдьан кэпсэттэ. Ыксаллаах майгы хамыыһыйата Хатырык түмэлин дьиэтигэр ааста. Ууга былдьаммыт дьиэлээхтэргэ,  хаһаайыстыбалаахтарга кэмигэр тустаах көмө оҥоһуллуоҕа диэн бигэргэттэ.

Айсен Николаев, СӨ Ил Дархана: «Биһиги сыалбыт-сорукпут диэн бэрт түргэнник туох баар нэһилиэктэргэ уу барда да үлэни ыытан, дьон кыстыкка киириитигэр туох баар бары хааччыллыахтаах».

Эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннары чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ бу күннэртэн саҕаланнылар. Маймаҕа, Хатырык, Модут, Бөтүҥуонна Граф Биэрэгэр туһааннаах министиэристибэлэр холбоһуктаах бөлөхтөрө тэриллэннэр, үлэлэрин номнуо саҕалаатылар.