Дьокуускайга суоллары, сквердэри, оптуобус тохтобулларын өрөмүөннүүллэр

108

Анаабыр улууһуттан төрүттээх Айсен Ылганов суол бордюрун оҥоруутугар үлэлэһэ сылдьар. Чааһынай тэрилтэни кытта дуогабардаһан чуолаан бу Лермонтов уонна Орджоникидзе уулуссаларын эргэрбит кытыыларын көтүрүүгэ үлэлиир. Сарсыарда 9 чаастан, киэһэ 6 чааска  диэри маннык түбүгүрэллэр. Туһааннаах техникэ көтүрбүтүн биир сиргэ муһан хомуйаллар, салгыы ыраастыыллар, саҥа бордюр уурарга бэлэм гыналлар.   

Айсен Ылганов, суол үлэһитэ: "Суол кытыыларын көтүрэбит. Ол кэннэ ыраастыахпыт. Төрдүс күммүтүн үлэлии сылдьабыт. Орджоникидзе уулуссаҕа бастаан үлэлээбиппит. Онтон бу Лермонтов аатынан уулуссаҕа сылдьабыт. Икки күнүнэн бүтэриэхтээхпит.  ". 

Тупсарыы үлэтэ Дьокуускайга суол өрөмүөнүн кытта дьүөрэлии ыытыллар.Быйыл Дьокуускай куоракка 30-тан тахса килэмиэтир усталаах 19 суол оҥоһуллара күүтүллэр. Маныаха ааспыт сылтан ылата ыытыллар эбийиэктэргэ үлэлэр салҕаныахтара. Сайсары оройуонугар Винокуров аатынан, Бүлүүлүүр переулогы уонна Можайскай аатынан уулуссалары эбии ситэриэхтэрэ. Хомсомуол болуоссатыгар эмиэ саҥардыы үлэтэ ыытылла турар. Манна эргэ асфаалы көтүрэн саҥаны уура сылдьаллар.   

Дьокуускайга суолу-ииһи өрөмүөннээһин, саҥардыы салҕанар. Холобур, Учуутал сверин аспааллаарылар бэлэмнии сылдьаллар. Улахан тиэхиньикэ үлэлиир. Салгыы сатыы сылдьар дьон сирин уонна оптуобус тохтобулларын өрөмүөнүгэр болҕомто ууруллуоҕа.

Автобус тохтобулларын саҥардыыга куорат киин, кытыы сирдэригэр эмиэ ыытыллар, эргэрбит тротуар плиткатын эмиэ саҥардан уураллар. Сквердэр тас көстүүлэрин  тупсараллар. Бу Орджоникидзе уонна Курашов уулуссаларын быһа охсуһууларыгар баар учуутал скверин таһыгар улахан парковка миэстэтин саҥаттан аспааллыахтара. Манна үлэлэри барытын "Якутдорстрой" тэрилтэ сүрүннүүр. Ааспыт нэдилэттэн саҕалаан эргэни көтүрэн сирин бэлэмнии сылдьаллар. 

Виктор Даутов, "Якутдорстрой" тэрилтэ үлэһитэ: «Уопсайа уон киһи буолан үлэлии сылдьабыт. Сүрүнэ аспааллыахтаах сирбитин дэхсилиибит. Онтон туһааннаах исписэлиис кэлэн кээмэйдиир, ол кэннэ апаал уурабыт».  

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет автодорожнай факультетын 2 кууруһун устудьуона Кирилл Никифоров быйыл саҥа практикатын баран, кууруһуттан 3 буолан "Якутдорстрой" тэрилтэҕэ суол үлэтигэр кытта сылдьаллар. Ыам ыйын 15 күнүттэн куорат кэккэ улууссаларын өрөмүөнүгэр үлэлииллэр.

Кирилл НикифоровХИФУ автодорожнай факультетын устудьуона: «Сирэ сымнаҕас буолан буор куппуттар, ону эргэ аспаалга бытархайыгар уларыта сылдьабыт. Ол кэннэ щебень кутуохпут, онтон аспаал тэлгэтиэхпит».  

"Азия оҕолоро" спортивнай оонньуулары көрсө үлэ тэтимирэн күөстүү оргуйар. Бириэмэ да кырыымчык, аны биир ыйынан ооньуулары көрсө барыта бэлэм буолара наада.