Нам улууһугар 12 нэһилиэнньэлээх пуун уонна 2 кыра нэһилиэк ууга былдьанна
Главное
-
28 ноября в 15:05Трудовая адаптация. В исправительной колонии Якутска запустили производство школьных парт
-
28 ноября в 14:25Рожденные в День матери. В Якутске прошла торжественная выписка 16 малышей
-
28 ноября в 14:08В Якутии определили порядок субсидирования строительства автомобильных газовых станций
-
28 ноября в 13:56Зима начинается с Якутии. В столице республики проходит конкурс ледовых скульптур
Ыам ыйын 18 күнэ, сарсыарда 5 чааска уу кыралаан эбиллэн саҕалаабыта. Эрдэтээҥи сылларга уу кэлэр да эбит буоллаҕына, тута түһэр эбит. Хатырык нэһилиэгин уу ылбытын олохтоохтор өйдөөбөттөр. 7 чаастан олохтоохтор эвакуацияланан саҕалаабыттара. Хаһан да манныкка түбэспэтэх дьон, биллэн турар, итэҕэйбэтэхтэр, соһуйан туох баалларын барытын быраҕан туран куотан тахсыбыттар. Уу таһыма үрдээтэр үрдээн дьиэ иһигэр орон, дьыбаан көстүбэт буолуор диэри бүрүйбүт, оттон сорох сиринэн дьиэ сарайа көстүбэт гына. Быстах олорор кииҥҥэ кэлбит олохтоохтор санааларын истиэҕиҥ.
Билигин Хатырык орто оскуолатыгар 400-тэн тахса киһи Хатырыктан уонна аттынааҕы сытар кыра Маймаҕа нэһилиэгиттэн кэлэн ууттан саһан олороллор. Уулара, уоттара суох буолан кыайан күөс оттумматтар, ол да буоллар улуус олохтоохторо сылаас аһылыгынан барыларын хааччыйаллар.
Артур Ноговицын, Хатырык нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта: «Бэлэм этибит. Халаан уута быйыл кэтэспэтэх өттүбүтүттэн кэллэ наһаа элбэх кэллэ. Хатырык нэһилиэгэр бастакы түбэлтэ буолла. Нэһилиэк 100% ууга барда. Билигин уубут түһэн эрэр. Сарсыҥҥаттан хомунуу үлэлэрэ саҕаланыахтаахтар».
Аны нэһилиэктэр икки ардыларын ситимниир өрөспүбүүлүкэтээҕи трассаны уу быһан дьон сырыытын тохтотто. Кыра массыыналар кыайан айаннаабаттар, арай ЫБМ анал биригээдэтэ эрэ айаннаатаҕына тиийэр кыахтаахтар.
Хаһаайыстабалаах дьон улаханнык эмсэҕэлээтэ. Ынахтарын барытын 100 бырыһыан төрөтөн, этэҥҥэ күөххэ үктэннэрэн баран, барытын уу анныгар былдьаттылар. Оттон тыыннаах хаалбыт өттө ньирэйдэрэ өлөн эмтэрбэккэ, ыаттарбакка, бааһыран тураллар. Аҕам саастаах дьахталлар ынахтарыгар барыахтарын ЫБМ үлэһиттэрэ кими да Маймаҕа нэһилиэгэр куттал суоһаабатын диэн туораппаттар.
Дьиэттэн үгүс кыыл тахсыбакка былдьанна, оттон тыыннаах хаалбыт өттө ыттыын-кыстуун бары биир уораҕайга олороллор. Оннооҕор кыыллар соһуйан айманар саҥаларын истэн, киһи уйулҕата таарыллар.
Дьокуускай куорат көмө кииннэригэр Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо араас гуманитарнай көмөнү оҥороллор. Нам улууһун эр дьоно билигин күнүстэри түүннэри үлэлии сылдьаллар. Онон сылаас халыҥ таҥас, гаас оһох билигин кинилэргэ саамай наадалаах.
Уопсайа Нам улууһугар 12 нэһилиэнньэлээх пуун уонна икки кыра нэһилиэк халаан уутуттан эмсэҕэлээтэ. Билиҥҥи туругунан уу таһыма кыралаан түһэр. Суолу оҥоруу үлэлэрэ саҕаланнылар. Дьокуускайтан көмө тиэхиникэ, ГСМ кэллэ. Медицинэ пууннара, “Мои документы” киин өҥөтө үлэлээн саҕалаатылар.