ХИФУ ботаническай саадыгар быйыл икки бүк элбэх рассаданы олортулар

94

Сааскы киһи салбаммытынан, билигин саас рассада атыытын үгэнэ. Дьокуускайга оҕуруот аһын, сибэкки рассадатын үүннэриитинэн, атыытынан уонунан тэрилтэ анаан-минээн дьарыктанар. Олор истэригэр биир саамай бөдөҥнөрүнэн Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет Ботаническай саада буолар. Манна идэтийбит исписэлиистэр, учуонайдар күөх үүнээйи эгэлгэтин сыл ахсын нэһилиэнньэҕэ атыыга таһааралар. Быйыл рассада атыыта ааспыт нэдиэлэттэн саҕаланна.

Быйыл сотрудниктар бэлиэтиилэринэн рассада ахсаанынан эрэ буолбакка, көрүҥнэринэн эмиэ эбилиннэ. Дьон ортотугар киэҥник биллибит, сөбүлэммит оҕуруот аһын, сибэкки суортарын тэҥэ, Саха сиригэр үүннэриллэ илик сибэкки, элбэх сыллаах декоративнай үүнээйилэр, талахтар саҥа суортарын, барыта 300-тэн тахса көрүҥү эмиэ олордубуттар. Холобура, азарина, эриллэн үүнэр сибэкки, душистай горошек, агератум, ампельнай виола. Ону тэҥэ, өр сыллаах эмтээх, сыттаах күөх үүнээйилэри кытта олордубуттар. Кинилэри сибэккилэргэ холбоон клумбаҕа бииргэ ыһыахха сөп.  

Татьяна Скрябина, ХИФУ ботаническай саадын рассада салаатыгар сэбиэдиссэйэ: «Быйыл сибэккибит элбэх. Оҕуруот аһа аҕыйах. ХИФУ кампуһугар элбэх сибэкки ылаллар сыл аайы. Холобур былырыын 9 тыһ. ылбыттара, быйыл арыый элбэх буолара буолуо».

Сыллата ботаническай саад сотрудниктара сонун үүнээйилэри, суортары киэҥник тарҕатарга дьулуһаллар, онон көннөрү, оҕурсуга, помидорга даҕаны саҥа суортары атыыга таһаараллар. Үлэһиттэр бэйэлэрэ эрдэттэн чинчийэн, боруобалаан, Арассыыйа киин эрэгийиэннэригэр тарҕаммыт үүнээйилэри олордоллор. Саина Шапошникова ботаническай саакка лаборанынан үлэлиир, билигин бу рассада көрүүтүгэр-истиитигэр түбүгүрэ сылдьар.

Саина Шапошникова, ХИФУ ботаническай саадын лаборана: «Күннээҕи үлэбит: уу кутабыт уонна пикировкалыыбыт. Томат, оҕурсу атыылаһаллар уонна петуниялары».

Сыана туһунан этэр буоллахха, манна рассада орто сыаната 40-50 солкуобай, сибэкки сорох сыаната 150 диэри тиийэр. Былырыҥҥытан сыана 15 кэриҥэ солкуобайынан үрдээбит. Азия оҕолорунан сибээстээн сибэккини быйыл элбэҕи олордубуттар. Дьон бэрт интэриэһиргиир буолан, атыы көхтөөхтүк барар. Покровскайдыыр суол 10 км баар теплицэлэргэ ыаллыы олорор дьон, ону тэҥэ сүрүннээн тэрилтэлэр кэлэн рассаданы хамаҕатын атыылаһаллар. Рассада атыыта бэс ыйын ортугар диэри ыытыллыаҕа.