Дьокуускайга "Олоххун уларыт" диэн аһымал аахсыйа буолла
Главное
-
28 ноября в 15:05Трудовая адаптация. В исправительной колонии Якутска запустили производство школьных парт
-
28 ноября в 14:25Рожденные в День матери. В Якутске прошла торжественная выписка 16 малышей
-
28 ноября в 14:08В Якутии определили порядок субсидирования строительства автомобильных газовых станций
-
28 ноября в 13:56Зима начинается с Якутии. В столице республики проходит конкурс ледовых скульптур
Михаил Батанов сиэбиттэн туох баар докумуоннарын, төлөпүөнүн түһэрэн кэбиспит. Нэдиэлэ ааспытын кэнниттэн пааспарын оҥотторо тустаах отделга баран иһэн аахсыйаҕа таба түбэспит. Докумуонун бэрт түргэнник оҥорон биэрдилэр диэн соһуйа санаата. Аахсыйа тэрийээччилэригэр махтала муҥура суох.
Михаил Батанов, аахсыйа кыттыылааҕа: «Пааспарым иһигэр докумуонум барыта баар буоллаҕа. Көрдүү сатаан булбатым. Билигин аҕыйах чаас иһигэр оҥордулар. Мин билбэккэбин бу аахсыйаҕа алҕас түбэстим үчүгэй баҕайытык».
Бу курдук араас кыһалҕалаах киһи ахсаана үгүс. Хас биирдии кэлбити аһатан-сиэтэн, таҥаһынан-сабынан хааччыйан ыытталлар. Оттон туох баар дьаллыктартан аккаастанан киһилии олоххо төннүөхтэрин баҕалаахтарга улахан көмө оҥорон олохторун тосту уларытарга кыах биэрэллэр.
Дьиэтэ-уота суох сир-халлаан икки ардыгар хаалбыт дьон биллэн туран доруобуйалара кэхтэрэ чахчы. Докумуона суох сылдьан ханнык даҕаны балыаһаҕа, эмтиир пууҥҥа көрдөрүнэр кыахтара суох. Онон түгэни туһанан быраастарга кэлбит киһи ахсаана үгүс.
"Олоххун уларыт" аһымал аахсыйаҕа кэлэн доруобуйаларын бары өттүттэн быраастар көрөн-истэн биэрэллэр уонна салгыы эмтэнэргэ хайысхалыыллар. Быраастар этэллэринэн ыалдьа сылдьалларын бэйэлэрэ да билбэккэ сылдьар дьон элбэх.
Лилия Афанасьева, терапевт быраас: «Үксүлэрэ дабылыанньалаахтар, сүрэх ыарыылаахтар уонна тыҥалара ыалдьар. Ыарыыларын билбэттэр, биһи көрөммүт ыарыыларын быһаарабыт».
Дьон-сэргэ сир халлаан-икки ардыгар хааларын сүрүн төрүөтүнэн аһыы утах дьаллыга буолар. Аахсыйа көнө суолга турунуон баҕалаахтарга суоллары ыйан эрэ биэрэр кыахтаах, уоннаҕыта барыта киһи санаатын күүһүттэн, олоҕун уларытар баҕатыттан тутулуктаах. Аахсыйа киин куоракка 12-с төгүлүн ыытыллар. Бу аһымал үлэ түмүгүнэн үгүс дьон дьиэ кэргэннэригэр төннүбүт, докумуоннарын оҥотторон, үлэ булан олох сырдык суолгугар үктэммит.
Сардана Гурьева, СӨ киһи быраабыгар боломуочунай: «Бу кэнники аахсыйаларбытын эмиэ чинчийэн көрдөхпүтүнэ аҕыйах да киһи буоллар эмиэ арыгыларын эмтэтэннэр чөл олоххо төннөллөр. 900 киһи 6 сыл устата кэлэн барда, онтон 90 киһи дьиэтэгэр төнүннэ. Ол аата 10% курдук буолар. Арассыыйа үрдүнэн дьиэтигэр төннүбүт дьоннор 5-6%».
Аһымал аахсыйа сарсыарда 10 чаастан киэһээ биэскэ диэри ыытылынна. Күн устата уопсайа 64 киһи кэлэн араас хайысхалаах көмөлөрү туһанна. 6 киһи сэллик ыарыылаах диэн сабаҕаланна, 3 киһигэ гепатит B, 6 киһигэ гепатит С уонна 7 киһигэ сифилис буллулар, 42 киһигэ саҥа пааспар уонна СНИЛС туттарылынна, 6 киһини "Тирэх", "Линия жизни", "Алмаз" реабилитационнай кииннэринэн ыыттылар, 2 киһи байыаннай хантараак түһэристэ. Бу аахсыйа тиһигин быспакка салгыы даҕаны сыл ахсын ыыттыллар сыаллаах-соруктаах.