Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн түмэллэр нэдиэлэлэрэ бара турар

81

Саха мусуойугар ураты тэрээһин. Оскуола оҕолоругар Саха сиригэр анаммыт ыйытыылардаах квиз-оонньуу буола турар. Дьокуускайдааҕы 39 нүөмэрдээх оскуола 8 кылааһын үөрэнээччилэрэ икки хамаандаҕа арахсан оонньууллар. Ыйытыылар Өрөспүүбүлүкэбит кыылыгар-сүөлүгэр, айылҕатыгар, биллиилээх дьонугар-сэргэтигэр, олоҕор-дьаһаҕар туһуланаллар.

Савелий Кушаров, саха музейын үлэһитэ, экскурсовод: «“Якутия – моя родная земля” диэн квиз-оонньуу буолар. Оҕолор икки хамаандаҕа арахсан бараннар бэйэ-бэйэлэрин кытары оонньууллар. Бүтэһигэр кыайыылаах хамаандаҕа бириис биэрэбит. Аудио- видео боппуруостар бааллар Саха сирин туһунан».

Мусуойдар нэдиэлэлэрин чэрчитинэн саха мусуойугар күн ахсын араас тэрэһиннэр ыытыллыаллар, ол курдук быыстапкалар, көрсүһүүлэр, экскурсиялар, маастар-кылаастар дьону, ыччаты түмэллэр. Юлия Шестакова 39 нүөмэрдээх оскуола үөрэнээчччитэ. Эрдэ Амма улууһугар олорон маннык оонньууларга кыттар этим, хас биирдии  саха үөрэнэччитэ дойдутун туһунан хайаан да билиэхтээх диэн санаалаах.

Юлия Шестакова, Дьокуускайдааҕы 39№-дээх орто оскуола үөрэнээччитэ: «Наадалаах дии саныыбын. Оҕолорго Саха сирин историятын билиһиннэриэхтээхпит».

Оҕолор оонньууну тэҥэ түмэлгэ үлэлии турар быыстапкалары көрдүлэр, таһырдьа баар мусуой эбийиэктэригэр сырыттылар. Нэдиэлэ саҥатыттан манна бэрт интэриэһинэй ис хоһоонноох лекциялар ыытылыннылар. Ол курдук национальнай архыыптан кэлэн төрүччүнү үөрэтиигэ архыып докумуоннарын хайдах туһаныахха сөбүй диэн темалаах көрсүһүү буолбута. Маны тэҥэ ким баҕалаах кэлэн саха дьахтарын былыргы симэҕин оҥорууга анаммыт маастар-кылааска сылдьар кыахтанна.

Василиса Степанова, маастар-кылаас кыттыылааҕа: «Төлөпүөммүтүгэр биллэрии курдук кэлбит этэ. Уруккаттан билэр буоллахпыт маннык оҥоһук баарын. Үөрэнэн, бэйэбитигэр тугу эмит иҥэриммит киһи диэн кэллибит».

Маастар-кылааһы Дьокуускайдааҕы художественнай училище уһуйааччылара кэлэн ыыттылар. Ювелир-маастар идэлээх преподавателэр ытарҕа уонна суһуох киэргэлин оҥорууга үөрэттилэр, туох-ханнык матырыйаал наадатын көрдөрдүлэр.

Людмила Фёдорова, Дьокуускайдааҕы художественнай училище преподавателэ: «Бу маастар-кылаастарбытыгар биһи былыргылыы туораах ытарҕа. Ыһыахха бэлэмнэнии саҕаланна. Сүрдээҕин интириэһиргииллэр».

Хас биирдии кэлбит киһи бэйэтин илиитинэн оҥорбут киэргэлин ылан астынан-дуоһуйан, саҥа үөрэх баһылаан тарҕаста. Мусуойга бу күннэргэ салгыы бэрт интэриһэнинэй ис хоһоонноох тэрээһиннэр, маастар-кылаастар, кинигэ сүрэхтэниитэ, саҥа быыстапкалар аһыллыылара ыытыллыахтара.