Өлүөнэ өрүс көмүөл мууһун алын кирбиитэ Хаҥалас улууһугар сылдьар
Главное
-
29 ноября в 00:56График отключения электроэнергии и водоснабжения в Якутске на 29 ноября
-
29 ноября в 00:33Прогноз погоды в Якутске на 29 ноября
-
28 ноября в 15:05Трудовая адаптация. В исправительной колонии Якутска запустили производство школьных парт
-
28 ноября в 14:25Рожденные в День матери. В Якутске прошла торжественная выписка 16 малышей
Быыһааччылар аһы-үөлү, иһэр ууну, уматыгы бөртөлүөккэ тиэйэллэр, толору хааламмыт хопполору илииттэн-илиигэ бэрсэллэр. Сотору кэминэн бөртөлүөт Өлүөхүмэ улууһун ууттан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэрин олохтоохторугар гуманитарнай көмөнү тиксэриэҕэ. Уопсайа 600-кэ киилэ таһаҕаһы аҕаллылар.
Өлүөхүмэ улууһугар Витим өрүс хаатыттан тахсан уу таһыма үрдээн турар. 1, 2 Нөөрүктээйи, итиэннэ Кыыллаах нэһилиэгэр намыһах турар дьиэлэр, уопсайа 100-тэн тахса олбуор ууга баран турар. 300-тэн тахса олохтоох дьиэлэриттэн көспүт, 100-кэ киһи быстах кэмнээх пууннарга олорорго күһэллэр. Халаан содула улахан буолан, хайа да көмө олус наадалаах.
Сыллата буоларын курдук халааҥҥа бэлэмнээх олорбупут даҕаны, быйыл уу содула улахан буолла. Ол курдук Кыыллаахтар өтөрүнэн буолбатах халаан уута кэлэн иэдэттэ диэн кэпсииллэр. Урут 1999 сыллаахха кэлбит уу мантан намыһахтык ылбыта диэн олохтоохтор кэпсииллэр. Уу көһүппэтэх өттүттэн нэһилиэккэ эмискэ кэлэн тугу барытын тоҕо солоон устубут.
Александр Егорин, Кыыллаах нэһилиэгин олохтооҕо: «Эмискэ киирдэ. Урут маннык хаһан да кэлбэтэҕэ. Мин 70-ча сыл олордум да манныгы аан маҥнай көрөбүн. Икки өттүттэн олох буочукаттан курдук кутан кэбистэ. 10-ча мүнүүтэ иһигэр биирдэ халыс гынна».
Өлүөхүмэ улууһун тэҥэ ыксаллаах быһыы-магы балаһыанньата Ньурба куоратыгар, Дьаархан уонна Антоновка нэһилиэктэригэр биллэрдилэр.
Өлүөнэ өрүскэ муус устуутун алын тардыыта Иһит, Кытыл Дьура, Сиинэ нэһилиэктэрин аһарда. Покровскайга уонна Дьокуускайга өрүс бу күннэргэ диэри устара күүтүллэр. Онон киин куоракка кэлэрэ биир-икки суукка хаалла. Манна уу таһыма үрдүө диэн сабаҕалыыллар. Ол эрээри өрүскэ балаһыанньа чаас ахсын уларыйар, онон чопчу маннык буолар диэн ким да этэр кыаҕа суох. Онон туһааннаах суһал бөлөхтөр толору бэлэм олороллор.