Куйаартан кутуллар дорҕооннор. Хомус Уйбаан саҥа кинигэтин сүрэхтээтэ
Главное
-
29 ноября в 00:56График отключения электроэнергии и водоснабжения в Якутске на 29 ноября
-
29 ноября в 00:33Прогноз погоды в Якутске на 29 ноября
-
28 ноября в 15:05Трудовая адаптация. В исправительной колонии Якутска запустили производство школьных парт
-
28 ноября в 14:25Рожденные в День матери. В Якутске прошла торжественная выписка 16 малышей
Олоҕун саха билимэ сайдарыгар анаабыт Иван Егорович 83-с сааһыгар сылдьан саҥа кинигэлэрин сүрэхтээтэ. Уонна хаһан кырдьан баран кинигэ таһаарыахпыный дии санаабытын, бэйэтин саха тылын хаапыдырата өйөөн, урукку үлэлэрин барытын саҥаттан таҥан таһаарда. Улуу тюрколог Владимир Михайлович Наделяев саҕаттан үөрэтиллэр саха төрүт дорҕооннорун, артикуляциятын чинчийиини билигин хаһыс да көлүөнэ салгыыр. Николай Демьянович Дьячковскай кэннэ дорҕоону үөрэтиигэ Хомус Уйбаан кэлбитэ. Билиҥҥи түүрдэр дорҕооннорун үөрэтиилэригэр биллэн турар сахалар бигэргэппит чинчийиилэрэ улахан тирэх буолар.
Иван Алексеев - Хомус Уйбаан, тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр: «Бу эксперимент киһи тылга дорҕоону эрэ билэр буолбатах. Тыл ис хоһоонун өйдүүргэ суолталаах. Ол суолтатын өссө Семен Андреевич Новгородов былыр сүрдээҕин өйдөөн онтон суругу-бичиги саҕалаабыта».
Кинигэ тула кэпсэтиигэ тыл билимин дуоктардара, хандьыдааттар, биллиилээх учуонайдар муһуннулар. Салгыы саха тыла сайдар суолун, уларыйыыларын туһунан санаа атастастылар.
"Куйаартан кутуллар дорҕооннор" кинигэтигэр Хомус Уйбаан 60 сыллаах үлэтэ түмүллэн таҕыста. Бу кинигэни хомус түмэлин дириэктэрэ уонна хомусчуттар хомус энциклопедията диэн үрдүк биһирэбили биэрдилэр. Тас дойду хомусчуттара Саха сиригэр кэлэ сылдьан бу кинигэни хайҕаан барбыттара. Инникитин атын омук тылынан саҥардан, тылбаастаан таһааралларыгар үп-харчы өттүн көрүөх буолбуттарын туһунан хомус түмэлин дириэктэрэ иһитиннэрдэ. Сотору кэминэн Саха хомуһа билим таһымыгар чинчийиллэр Аан дойду сыанабылыгар барыаҕа.
Дмитрий Бястинов, Хомус түмэлин дириэктэрэ: «Мин толкуйдуурбунан, бу хомус историята дии саныыбын. Кини бу үлэтин эдэр эрдэҕинэ саҕалаабыт. Кэлин кэҥэтэн бу үрдүк таһымнаах үлэтин бүгүн дьоҥҥо сэргэҕэ киэҥник туһанылыннын диэн утары уунна».
Кинигэ тахсарыгар сүдү кылаатын уурбут саха тылын хаапыдыратыгар ураты бэлиэ күн. Урут тахсыбыт монографияларын саҥардан, барытын бииргэ түмэн тистилэр.
Алёна Прокопьева, тыл билимин хандьыдаата, дассыан: «Аан бастаан “Проблема фоносинтаксиса якутской речи” диэн бастакы кинигэбит 2022 сыллаахха тахсыбыта. Онтон бу иккис кинигэтин сахалыы тылга 2023 сыллаахха таһаардыбыт. Бу улахан бөдөҥ монографиялар буолаллар. Иван Егорович үйэтин тухары үлэлээбит үлэтин барытын түмэн таһаардыбыт. Дьоҥҥо бырытыгар интириэһинэй буолуо дии саныыбыт уонна киэҥ ааҕааччыга эмиэ ананар».
Билимҥэ улахан хардыылары оҥорорго ытыктабыллаах ыалдьыттар, экспердэр санаалара улахан ыйааһыннаах. Салгыы саха хомуһа Аан дойду таһымыгар тахсыытын, саха дорҕоонун үөрэтиигэ саҥа ыллыктары арыйыытын биир интэриэстээх дьон атах тэпсэн олорон кэпсэттилэр.