АГАТУ теплицаларыгар 30 тыһ тахса сибэкки рассаадатын үүннэрэллэр
Главное
-
29 ноября в 00:56График отключения электроэнергии и водоснабжения в Якутске на 29 ноября
-
29 ноября в 00:33Прогноз погоды в Якутске на 29 ноября
-
28 ноября в 15:05Трудовая адаптация. В исправительной колонии Якутска запустили производство школьных парт
-
28 ноября в 14:25Рожденные в День матери. В Якутске прошла торжественная выписка 16 малышей
Василий Сивцев Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет 4-с кууруһун устудьуона. Кини агроном идэтин баһылыыр баҕаттан бу үөрэх кыһатын талан дьаныардаахтык үөрэнэ сылдьар. Билигин практикатын үөрэҕин кыһатын иһинэн үлэлии-хамсыы турар теплицэҕэ ааһа сылдьар. Баһылыахтаах идэтин номнуо таптаан тиһигин быспакка салгыы магистратураҕа билигин үөрэнэ сылдьар хайысхатыгар ааһар баҕа санаалаах.
Василий Сивцев, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет устудьуона: «Бастакы куурустан номнуо бары теплицэҕэ үлэлиибит. Манна биһи рассаданы хайдах олордорго билэбит. Онтукабыт кэлин туһалаах буолуо. Теплицэҕэ үлэлиир практика өттүнэн олус үчүгэй. Сибиэһэй салгыҥҥа илииннэн үлэлээн».
Уһуйааччылар устудьуоннара сайдалларын, билэллэрэ-көрөллөрө элбиирин көрөн үөрэ саныыллар. Онон үрдүк таһымнаах исписэлиистэр ааттарын сүгэн үөрэхтэрин бүтэриэхтэрэ, таптаабыт идэлэрин баһылаан үлэһит дьон буолуохтара диэн бигэ эрэллээхтэр.
Мария Лукина, агрономия уонна химия кафедратын уһуйааччыта: «Кинилэр манна үөрэхтэрин практикаларын уонна дьарыктарын ааһаллар. Сиэмэтиттэн саҕалаан атыыга барыар дылы көрүүнү истиини барытын оҥороллор. Устудьуоннарбыт ол иһин үүнээйини хайа баҕар өттүттэн билэллэр уонна сатыыллар. Кэлиҥҥи кэмҥэ исписэлиис буолан үлэлиэхтэрэ дии саныыбын».
АГАТУ иһинэн теплицэ 2019 сылтан ыла тиһигин быспакка үлэлии турар. Сылын ахсын рассаданы атыылаһааччы ахсаана элбии турар. Ону кытта үүнээйи ахсаанын элбэтэр сыаллаах соруктаах үлэлиир.
Мария Лукина, агрономия уонна химия кафедратын уһуйааччыта: «Куорат уокуруктара, оскуолалар, тэрилтэлэр, ону таһынан улуустартан кытта тахсаллар. Ону биһи эрдэттэн бэлэмнээн, ол сакаастарынан оҥорон, туспа үүннэрэн кинилэргэ бэлэмнээн тоһуйабыт. Петунья эрэ буолбакка өссө атын көрүҥнэргэ киирсэн эрэллэр. Ол иһин атын үүнэйилэри эмиэ үүннэрэбит».
Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет устудьуоннара уонна уһуйааччылара кыһамньылаах илиилэринэн ыһан үүннэрбит сибэккилэрэ Дьокуускай куораты, араас тиэргэннэри сырдык өҥнөрүнэн киэргэтиэхтэрэ, оҕуруот астара Өрөспүүбүлүкэ оҕуруоччуттарынан тарҕаныахтара, онтон ситэн-хотон аһыыр остуоллары байытыахтара турдаҕа.