Сибээс эйгэтин үлэһиттэрин чиэстээтилэр

74

"Сибээһи тупсарабыт" диэн тыллардаах ырыанан сибээс эйгэтин идэлээх бырааһынньыктарын үөрүүлээх чааһа арыллар. Бырабыыталыстыба дьиэтигэр үлэлэригэр бэриниилэрин, маастарыстыбаларын иһин Арассыыйа уонна Саха сирин наҕараадаларын туттарыы сиэрэ-туома ыытылынна. Бииртэн биир исписэлиис ытыс тыаһын доҕуһуолугар уйдаран сыралаах үлэтин иһин эҕэрдэ маанытын ылар.

Бу күн араадьыйа, телевидение, почта, интернет сибээс, телекоммуникационнай эйгэ үлэһиттэрин чиэстээтилэр. Бэтэрээннэргэ махтал тыллары анаатылар. Бүтэһик сылларга Саха сирэ оптиковолоконнай ситими тардыыга, спутниковай сибээһи туттууга инники күөҥҥэ сылдьарын бэлиэтээтилэр. Ааспыт үйэ 70-с сылларыттан үлэлээн саҕалаабыт дьон өрөспүүбүлүкэҕэ сибээс эйгэтин сайдыытын, тупсуутун хайҕыыллар. Холобур, Мирослав Кузьмич быйыл бу эйгэҕэ үлэлээбитэ оруобуна 50 сыла.

Мирослав Борисов, сибээс эйгэтин бэтэрээнэ: "Урут ыал аайы дьиэ төлөпүөнэ суоҕа. Ол иһин кэпсэтэр пууҥҥа тиийэн дьоннорун кытта билсэллэрэ. Онтон АТС-тар олоххо киирбиттэрэ, ол кэннэ суотабай сибээс, интернет кэлбитэ. Онон билигин Саха сирин сибээһэ сайдан турар".

Дудкин Петр Иванович аатын Саха өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбыннай бириэмийэни 50-тан тахса сыл сибээс эйгэтигэр үлэлээбит Нина Георгиевна Кузьмина ылла. Кини 1963 сыллаахха телецентр тэриллиэҕиттэн сибээс эйгэтин үгүс хайысхатыгар үлэлээн үрдүкү наҕараадаҕа тигистэ.

Нина Кузьмина, П.И. Дудкин аатынан СӨ Судаарыстыбыннай бириэмийэ лауреата: "Маннык үрдүк наҕарааданы ылыам диэн күүппэтэҕим. Үлэм, сибээс сайдыытыгар кылаатым иһин үрдүк сыанабыл дии саныыбын. Саха сиригэр телевидение сайдыытын бары кэрчик кэмин баттаспытым. 1963 сылтан 2014 сылга диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбитим".

Өссө биир улахан тэрээһининэн Александр Ильич Борисов паамытынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу буолла. Кинини кытары бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьон Алексадр Ильич өрөспүүбүлүкэ сибээһин сайдыытыгар сүдү кылаатын, оруолун ахтан-санаан аастылар.

Гаврил Семёнов, Саха сибээс уонна информационнай политика кэллиэһин дириэктэрэ: "Махтаныахпын баҕарабын Александр Ильиһы кытта бииргэ үлээбит дьоҥҥо сыл аайы манна кэлэн ахтан-санаан ааһалларыгар. Бу сквери кини үөлээннээхтэрэ туттарбыттара уонна кэллиэскэ бэлэх быһыытынан биэрбиттэрэ. Сквер Дьокуускай биир бэлиэ сирэ буолла. Манна устудьуоннар, оҕолор сылдьаллар".

Сибээс эйгэтин үлэһиттэригэр сүдү суолталаах сорук турар. Саха сирин территориятын 100% түргэн интэриниэтинэн хааччыыйыы. Бу сыал-сорук туоллаҕына Александр Ильич саҕалаабыт дьыалата силигин ситэн өрөспүүбүлүкэ барыта түргэн, хаачыстыбалаах сибээс өҥөтүнэ туһанар кыахтанар.