Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнин Петр Яковлевы эҕэрдэлээтилэр

86

Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Петр Яковлев оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин кытта олорор дьиэтин олбуоругар тахсан киниэхэ анаммыт кэнсиэри көрөр. Саха эстрадатын ырыаһыттарын толоруулара Петр Константиновичка бииргэ сэриилэспит доҕотторун, этэрээтин хамандыырын Мартышевскайы санатара саарбаҕа суох. 79 сыл анараа өттүгэр ыам ыйын 9 күнүгэр кыайыы туһунан сураҕы истээт, кинилэр эмиэ бу курдук, үөрүүлэриттэн ыллам ырыаны оройуттан туппуттара. 

Петр Константинович  фроҥҥа ынырыллыан иннигэр тыылга үлэлэспитэ. Онон сэрии аас-туор олоҕун бүтүннүү этинэн-хаанынан билбитэ. Эдэркээн уолу оҕо дьиэтигэр баһаатайынан ыланнар, бэйэтэ уонна ийэтэ аччыктааһынтан өрүһүммүттэрэ.  Онтон 1944 сыллаахха 18 сааһын туолаат, Петр Яковлев Сунтаарга Тойбохойдооҕу Оҕо дьиэтигэр үлэлии сылдьан сэрии толоонугар ыҥырыллыбыта.  Онно 61 танковай дивизия  61 мотострелковай полкатыгар минометчигынан ананан уоттаах сэрии толоонугар өстөөҕү самнарыыга  кыттыбыта. Билигин Петр Константинович 99 хаарын санныгар уулларда. 

Пётр Яковлев, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ: «Саха норуота А5а дойду Улуу сэриитигэр улахан дьоруойдуу быһыытын көрдөрбүтэ. Бойобуой уонна тыылга кыайыылара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэллэр».

Сэрииттэн кэлэн баран эдэркээн Петр үөрэх ылаары оскуолатын 27 сааһыгар бүтэрбит. Онтон салгыы Герцен аатынан университекка туттарсан учуутал идэтин баһылаабыт. Үйэтин тухары оҕо-аймах ортотугар сылдьыбыт киһи ыччат дьон  эҕэрдэлии кэлбиттэриттэн өссө бүк сүргэтэ көтөҕүлүннэ. Петр Константиновиһы "Олбуорунан ыллыыбыт" диэн Бүтүн Россиятааҕы аахсыйа чэрчитинэн бырабыыталыстыба уонна министиэристибэлэр эҕэрдэлээтилэр.

Сергей Местников, СӨ Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: «Петр Яковлев эйэлээх олох төрүттэммитин кэннэ үөрэнэн, үлэлээн Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ Норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин албан аатын ылан биһиэхэ барыбытыгар үтүө холобур буолар. Маннык дьон баар буолан биһиги Сахабыт сирэ, модун Россия сайда-үүнэ турар».

Петр Константинович куруутун олоххо көхтөөх сыһыаннаах, общественнай тэрээһиннэри көтүппэккэ кыттар. Эдэр ыччакка сүбэтинэн, бэйэтин хорсун быһыыларынан, үтүө суобастаах үлэтинэн-хамнаһынан, өйүнэн-санаатынан  холобур эрэ буолар. Кини Саха сирэ эйэлээх олох түстэниитигэр улахан кылаатын үүнэр көлүөнэҕэ өссө төгүл тоһоҕолоото. 

Пётр Яковлев, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ: «Ол туоһутунан Саха сириттэн сэттэ Россия Дьоруойа баар буолбута чахчы туоһута буолар».

"Олбуорунан ыллыыбыт" аахсыйа чэрчитинэн Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрин, огдооболору, тыыл бэтэрээннэрин уонна сэрии оҕолорун олорор сирдэригэр сылдьан эҕэрдэлээһин салҕанар. Маны сэргэ быйыл Саха сирин бэтэрээннэригэр харчынан көмө көрүлүннэ.

Иннокентий Коротких, СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин собуйааччы: «Саха сирин үрдүнэн билигин 13 бэтэрээн баар. Кинилэргэ Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕынан 1 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөхтээх».

Петр Константинович кэргэнинээн Ирина Николаевналыын 56 сыл бииргэ ыал буолан олорбуттара, 4 оҕону төрөтөн иитэн улаатыннарбыттара. Билигин Улуу Кыайыы бэтэрээнэ кыргыттарын, сиэннэрин, хос сиэннэрин сылаас тапталыгар угуттанар.