"Саха норуотун төрүт үгэстэрэ" бэстибээл

101

Бэрдьигэстээх нэһилиэгин Мэхээлэ Дьөгүөрэп аатынан сынньалаҥ киинин исписэлииһэ Агафья Ефремова ааптардаах  «Саха норуотун төрүт угэстэрэ»  маҥнайгы бэстибээлин  ыытыы бырайыага Президент пуондатын граанын култуураҕа  көҕүлээһиннэрин  өйөбүлүн ылан 498 тыһыынча солкуобаайынан үбүлэммитэ. Бырайыак бу саас хас да түһүмэҕинэн олоххо киирэн, түмүктүүр түһүмэҕэ норуот ырыаларыгар, тойук толоруутугар уонна хомуһунан оонньууга күрэс РСФСР уонна Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мэхээлэ Дьөгүөрэп сырдык аатын үйэтитэн тэрилиннэ

Агафья Ефремова, М. С. Егоров аатынан сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта: «Бу бырайыакпыт аата “Культурный код. Истоки культуры народа саха” диэн. Грааммыт сууммата 498 тыһыынча солкуобай. Бу үпкэ бэстибээл, маастар-кылаас, семинар ыыттыбыт. Дьон-сэргэ фольклору, култуураны өрө туттун диэммит бирииспит уопсай сууммата 130 тыһыынча солкуобай». 

Фольклор күрэһин киэһэтигэр уопсайа 32 нүөмэр тахсан, көрөөччүлэр дохсун ытыстарын тыаһын ылла. Дьүүллүүр сүбэҕэ Дьокуускай куораттан  саха үгэһин үйэтитээччилэр, сайыннарааччылар үлэлээтилэр. Ол курдук Марк Жирков аатынан Музыкальнай колледж преподаватела Варвара Степанова - Арчыына, Култуура колледжын төрүт култуура салаатын преподаватела Михаил Винокуров уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Бэрдьигэстээх норуодунай тыйаатырын режиссера Елизавета Мартынова бастыҥнары быһаардылар.

Сунтаар Хоротуттан Бэрдьигэстээх кийиитэ Екатерина Парфенова, инники олоҥхону бөлөҕүнэн толорор эбит буоллаҕына, бу сырыыга тойуктаан көрөөччүлэр-истээччилэр биһирэбиллэрин ылла.

Екатерина Парфёнова, күрэс кыттааччыта: «Биһиги бэйэбит “Өбүгэ утума” диэн бөлөхтөөхпүт. Онно дьарыктаммытым 5-6 сыл буолла. Тойукка бастакы сырыым». 

Маҥаны нэһилиэгин сынньалаҥын киинин  дириэктэрэ Ульяна Суханова салайар «Кылыһах» фольлорнай  куруһуогар 1-10 кылааска диэри саастаах оҕолор түөрт бөлөххө арахсан дьарыктаналлар, оттон бу күрэскэ «Кылыһах» икки бөлөҕө кэлбит.

Ульяна Суханова, Маҥаны нэһилиэгин сынньалаҥын киинин дириэктэрэ, фольклор куруһуогун салайааччы: «Фольклор куруһуогар оҕолору угуйаары хас биирдии кылааска анал уруоктары ыыппытым. Ол кэннэ баҕалаахтар суруйтарбыттара. Ол оҕолор билигин куруһуоктарын сөбүлээн сылдьаллар». 

Күрэскэ саҥардыы сыанаҕа тахсааччылар да аҕыйаҕа суохтар бу төрүт үгэс, утум-ситим тардан, салҕанан иһэрин, бигэргэтэр, төһө да аныгы кэм аралдьыйыыта элбэх буоллар оҕо, эдэр дьон, орто да саастаахтар тойук туойаллара, хомус тардаллара үөрдэр. Холобур, Татьяна Ямова аан бастакытын сыанаҕа тахсан хомустаабыт.

Татьяна Ямова, күрэс кыттааччыта: «Бастакы сыанаҕа тахсыым. Олус диэн сөбүлээтим».  

Оҕолор ортолоругар 8 саастаах Айсаар Ноговицын икки хомуһунан оонньоото. Ол курдук биирэ мас, биирэ тимир. Кини  «Бэстибээл эрэлэ» диэн номинацияҕа тигистэ.

Айсаар Ноговицын, күрэс кыттааччыта: «Миигин хомуска Агафья Егоровна үөрэтэр. Мин бэстибээлгэ икки хомуһунан оонньоотум». 

Күрэс түмүгүнэн биирдиилээн кыттааччылар, бөлөхтөр араас номинацияларга тигистилэр,   анал ааттары сүктүлэр, оттон «Кылаан кыайыылааҕынан»  Мэхээлэ Дьегуерэп аатынан сынньалаҥ киинин Елизавета Мартынова салайааччылаах “Өбүгэ утума» кэлэктиибэ буолла. Бу бөлөх 2019 сыллаахха тэриллибит .

Елизавета Мартынова,  кыайыылаах, "Өбүгэ утума" фольклор бөлөҕүн салайаачыта: «Бөлөххө араас эйгэҕэ үлэлиир кыргыттар бааллар. Бастаан олоҥхону толорууттан саҕалаабыппыт, оттон билигин норуот ырыаларын, тойугу баһылаатыбыт, хомуска оонньууллар».  

Бу курдук норуоппут ырыата-тойуга дьиэрэйэ, хомуһун тыаһа кутулла турарын тухары сахалар бигэ туруктааах омук быьыытынан үйэлэргэ баар буолуохпут.