Саха сирэ "Бэтэрээҥҥэ ыалдьыттыы" диэн Бүтүн Россиятааҕы аахсыйаҕа кыттыһар

60

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин актыбыыстара Кыайыы күнүн көрсө тыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии оҕолоругар ыалдьыттаатылар.

Артыыстар аҕам саастаахтарга илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэллилэр. Минньигэс бэлэҕи таһынан актыбыыстар ыллаан, хомустаан иһитиннэрдилэр. Саастаах дьону сэргэхсэттилэр. Оттон бэтэрээннэр эдэрдэргэ бэйэлэрин тустарынан, оччотооҕу ыар кэмнээҕи сыллары сэгэтэн ыллылар.

Тустаах аахсыйа номнуо хаһыс да сылын ыытыллар.