Тимир көлөлөөхтөр парааттара Дьокуускайга тэрилиннэ
Главное
-
29 ноября в 11:24Педагоги из Якутии вошли в финал конкурса на присуждение Всероссийской детской премии
-
29 ноября в 10:55Анатолий Семенов встретился с бойцами Якутского отряда БПЛА
-
29 ноября в 10:28В Якутии осужден уроженец Алтайского края за незаконное хранение боевого оружия
-
29 ноября в 10:02Верхом на якутских лошадях до Монголии. В Якутию вернулись путешественники-коневоды
Орджонкидзе болуоссата. Күн ортото. Киин куорат бэлисипиэтинэн айанынан үлүһүйээччилэрэ мустан аны аҕыйах мүнүүтүнэн стартка бэлэмнэнэллэр. Хас биирдии айанньыт ох курдук оҥостон кэлбит. Бырааһынньыктааҕы дьэрэкээн өҥнөөх шарик эмиэ умунуллубатах. Сүрүннээн эдэр уонна орто саастаах дьон мустубут. Виктор Борисов бэлисипиэтинэн айанынан үлүһүйбүтэ 20-тэн тахса сыл буолла.
Виктор Борисов, Дьокуускай олохтооҕо: «Бэлисипиэтинэн сылдьааччылар урут параакка кыттар этибит, онтон быйыл суох. Ол иһин бэйэбит тахсарга сананныбыт».
Манна уопуттаах сүүрдээччилэри кытта саҥа саҕалааччылар бааллар. Маннык түмсүүлэри Саха сирин бэлисипиэтинэн хамсааһынын Федерацията сотору-сотору тэрийэр. Биир интэриэстээх дьон бөлөхтөрүнэн түмсэн араас күрэхтэһиилэргэ, сүрдүүлэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Бэйэтэ учуутал идэлээх Ньургуйаана Габышева хобби быһыытынан дьарыктанар. Номнуо үһүс сылын 200 килэмиэтир ыраах айаҥҥа тиийэ сүүрдүүлэргэ кыттан турар.
Ньургуйаана Габышева, Дьокуускай олохтооҕо: «Бастакыбын М.К. Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах сүүрдүүгэ Хатырыкка барбытым. Түүҥҥү айан этэ 125 килэмиэтирдээх. Ол онно аан маҥнайгыбын уһун сүүрдүүгэ кыттыбытым. Онтон ыла үгүстүк кытынным. Былырыын 200 килэмиэтиргэ айаннаабытым. Быйыл эмиэ саҥа маршрут толкуйдуу сылдьабыт».
Велопараад Орджоникидзе болуоссатыттан саҕаланан баран, куорат киин уулуссаларынан барда. Ленин проспегынан Доҕордоһуу болуоссатыгар тохтобул тэрийэн, хаартыскаҕа түһэн салгыы Кулаковксай, Ярославскай уулуссаларынан уонна 202 түөлбэҕэ Роман Дмитриев аатынан кытылга, Хатыыстаах диэн арыыга диэри айаннаатылар. Бэлисипиэтинэн айан, биллэн турар, сэрэхтээх, онон бары ирдэбили тутуһан айанныыр тоҕоостоох.
Егор Карманилов, Дьокуускай олохтооҕо: «Мин суолунан сылдьабаппын. Бэйэм 22 сыл ыстаастаах суоппарбын. Сэрэхтээхтик аа-дьуо 8 км/ч таһаарбакка эрэ тротуарынан айанныыбын».
Ол курдук бэлисипиэтинэн ыраах айаҥҥа турунуон иннинэ техосмотр ааспыт буолуохтаах. Экипировка, шлем, суолга көстөргө уоту тэйитэр бэлиэлэр, уот-күөс, фонарик хайаан да наада. Бэлисипиэт элбэх биир интэриэстээх дьону түмэр. Маннык сүүрдүүлэргэ элбэх дьону кытта билсэн, иллэҥ кэмнэрин атаараллар.
Леонид Яковлев, Дьокуускай олохтооҕо: «Наар үлэ, дьиэ этэ. Онтон бэлисипиэти таптааччылар бөлөхтөрүгэр киирбитим икки сыллааҕыта. Манна кэлэн билэр дьонум элбээтэ, саҥа доҕоттордоннум. Куруутун тэҥҥэ куорат устун тэбэбит, ыраах да айаҥҥа турунабыт, айылҕаҕа сынньана тахсабыт».
Онон саҥа үүммүт ыйтан велосезон саҕаланна. Кыралыын-улаханныын бары тимир аттарыгар олорсон мантан сайын хатааһылыахтара турдаҕа.