"Орто Дойду" кыыл пааркатын иниспиэктэрдэр бэрэбиэркэлээтилэр
Главное
-
29 ноября в 10:55Анатолий Семенов встретился с бойцами Якутского отряда БПЛА
-
29 ноября в 10:28В Якутии осужден уроженец Алтайского края за незаконное хранение боевого оружия
-
29 ноября в 10:02Верхом на якутских лошадях до Монголии. В Якутию вернулись путешественники-коневоды
-
29 ноября в 09:57В Якутске 1 декабря временно перекроют движение транспорта по проспекту Ленина
"Кыһыл кинигэҕэ" киирбит айылҕа маанылаах көтөрдөрө кыталыктар тугу эрэ кэпсии сатаабыттыы хаһыытаһа тураллар. Россельхознадзор тэрилтэ иниспиэктэрдэрэ бэрэбиэркэлии кэлбиттэрин көрөн үҥсэргиир быһыылаахтар диэн сэрэйиэххэ сөп. Саҥарбат буруйдарыгар саҥа аллайан болҕомто тардар көстүүлэрэ.
Иниспиэктэрдэргэ "Орто Дойду" кыыл пааркатын дириэктэрин солбуйааччы Наталья Владимировна батыһыннара сылдьан кэпсиир, көрдөрөр. Кыыллар хайдах олороллорун билиһиннэрэр. Айылҕа оҕолорун күннээҕи дьарыктарын, астарын-үөллэрин, олорор сирдэрин барытын билсэллэр.
2021 сыллаахтан бүтүн дойду үрдүнэн саҥа ирдэбил киирэн хас биирдии кыыл паарката саҥа ирдэбиллэри толорорго дьулуһар. Кыылы көрүү-истии, аһын-уутун хааччыйыы, олорор усулуобуйата барыта күүстээх хонтуруолга, кэтэбилгэ турар. "Орто Дойду" дьон сөбүлээн сынньанар сиригэр болҕомто эмиэ күүскэ ууруллар.
Наталья Сафонова, "Орто Дойду" кыыл пааркатын дириэктэрин солбуйааччы: "Биһиги пааркабытыгар 150 көрүҥ баар. Уопсайа 400 тахса кыыллаахпыт. Кыылы көрүү-истии бэрэбиэркэтин аастыбыт. Зоопаркабыт лицензиятын 2021 сыллаахха ылбыппыт. Онтон ыла ирдэбилгэ эппиэттииргэ кыһаллабыт".
Үрүҥ эһэлэри үгүс киһи сөбүлээн көрөр буолан, дьон манна тоҕуоруһа мустар. Кинилэр олорор сирдэрэ эмиэ ирдэбилгэ эппиэттэһэр диэн түмүккэ кэллиллэр. Кинилэр манна төһө өр сылдьаллара биллибэт. Ол иһин күннэтэ Вилюя уонна Яна диэн ааттаммыт үрүҥ эһэ оҕолорун көрүөн баҕалаах элбэх.
Оннооҕор сылаас дьиэ иһигэр турар үөн-көйүүр, кыра кыыллар олорор сирдэрин эмиэ көрдүлэр. Террариум иһигэр эмиэ барыта уурбут-туппут курдук оҥоһуулаах, толору ирдэбилгэ эппиэттэһэрин бэлиэтээтилэр.
Агата Павлова, Россельхознадзор Саха сиринээҕи салалтатын ветеринарнай кэтээн көрүү салаатын судаарыстыбыннай иниспиэктэрэ: "2021 сыллаахха лизенция ылбыттара. Ол докумуон ирдэбилэ элбэх. Кыылы көрүү-харайыы сөптөөхтүк ыытылларын көрдүбүт. Улахан кыыллар таһырдьа олороллор. Уйалара хас биирдии кыылга кээмэйэ тус туһунан буолар".
Докумуон чааһа эмиэ барыта көрүлүннэ. Кэпсэтии, быһаарыы үлэтэ ыытылынна. Бэрэбиэркэ сөптөөхтүк барбытын туһунан илии баттанна. Төһө да айылҕа оҕолоро хааччахтанан, хаайыллан олордоллор олорор усулуобуйалара тупсаҕай оҥоһуулаах, ирдэбилгэ эппиэттэһэр.